Бүгүн, Өлтөх нэһилиэгин кырдьаҕаһа, кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс, суруйааччы Охлопков Иван Афанасьевич-Туймалыырап төрөөбүт күнэ.
Иван Афанасьевич 1932 сыллаахха тохсунньу 30 күнүнэр Уус Алдан улууһун I Өлтөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Мүрү орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн, Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулуусбалаан холкуоска, «Ленинскэй тэрийээччи» хаһыакка, лесхозка, сибээс узелыгар үлэлээбитэ. Олоҥхонон умсугуйан олоҥхо суруйарга холонон «Өрөгөйдөөх Өркөн Бэлиикэй», «Дуолан Дьокутай» олоҥхоҕо тойуктардаах. 11 остуоруйа, 52 кэпсээн, 74 хоһоон, 56 фельетон ааптара. Ону таһынан былыргы номохтору хомуйуунан утумнаахтык дьарыктанар.
РФ суруналыыстарын уонна СӨ суруйааччыларын сойуустарын кыттыылааҕа.
Кинигэлэрэ:
• Өлтөх сирэ: хомуурунньук. — Дьокуускай, 2001.
• Дьон махтала — дьоһун наҕараада: триада. Дьокуускай, 2004.
• Дьону үөрдэр туһугар. — Дьокуускай : Ардах, 2002.
• Сэттэ халлаан чиэрэһинэн : («Сахалелеком» Бороҕоннооҕу филиала). — Дьокуускай, 2002.
• Итиннэ элэкис, манна мэлэкис: үһүйээннэр, номохтор : хомуурунньук. — Дьокуускай. : Бичик, 2007.
• Хаарыан тыыммыт харыһыгар. — Дьокуускай, 2010.
• Сэһэн Кээтии сэһэннэрэ. — Дьокуускай. : Сайдыы, 2012.
• Айыы аймах айхала. — Бороҕон: «Мүрү саһарҕата», 2015.
Иван Афанасьевич, эйиэхэ дьон-сэргэ махталларыгар кынаттанан уһун олоҕу, чэгиэн туругу, элбэх ааҕааччылары баҕарабыт!