Поэзияны таптааччыларга 1997 сылтан Мария Алексеева диэн аатынан биллэр, кэлин Арылы Дуйдаах диэн аатынан суруйар. 1965 с. муус устар 6 күнүгэр Уус-Алдан Түүлээх нэһилиэгиттэн төрүттээх. Айар үлэнэн эдэр сааһыттан дьарыктанар. Тааттаҕа үлэлээбит сылларыгар «Араҥас сулус» айар-суруйар түмсүү кыттыылааҕа. «Олох түгэн» (2004), «Ытык Чөркөөх балыыһата» (2006) уонна «Таатта эмтиир эйгэтин сэһэнэ» (2008) диэн улуустааҕы доруобуйа харыстабылын туһунан кинигэлэр, «Араҥас сулус» хомуурунньуктарын ааптара. Ону сэргэ эмтиир эйгэ историятын чинчийиигэ дьоһуннаах үлэлэрдээх. СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна; Норуоттар икки ардыларынааҕы Суруйааччы тэрилтэлэрин холбоһугун (МСПС), СӨ Суруйааччыларын сойууһун, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация кыттыылааҕа.

От