2024 с. кулун тутар 4 күнүнээҕи устуу.
Улуус түмэлигэр Аан Дойду дьахталларын күнүн чэрчитинэн Уус-Алдан улууһун норуотун маастара Галина Семеновна Охлопкова айар быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыыта. Галина Семеновнаны иис кэрэ эйгэтигэр ийэтэ сыһыаран бастакы үлэтинэн оскуола иһинэн ыытыллыбыт күрэххэ кыттыыны ылбыта. Дьэ мантан сиэттэрэн кини талаана, дьоҕура арыллан барбыта. Бу күн Галина Семеновна уран тарбахтарынан тигэн таһаарбыт бииртэн-биир кэрэ үлэлэрэ быыстапкаҕа турдулар.