Уус-Алдан улууһун Сэһэн Ардьакыап аатынан историяны-кыраайы үөрэтэр түмэлгэ айылҕаттан айдарыылаах Костромин Николай Петрович – Сэбирдэх Уус төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт “Удьуор уус үйэлээх оҥоһуктара” быыстапка үөрүүлээх аҺыллыыта. Быыстапканы СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Россия бочуоттаах тутааччыта, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Николай Николаевич Костромин тэрийэн аҕатын сырдык аатын дьоҥҥо-сэргэҕэ, эдэр көлүөнэ ыччакка үйэтитэн хаалларар сыаллаах тэрийдэ. Ол курдук, Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, стахановец, промкобминат столяра, новатор, наставник Николай Петрович Костромин олохтоох промышленность сайдыытыгар, Бороҕон киинин, нэһилиэктэри уонна колхозтары хааччыйыыга үтүмэн элбэх үлэни оҥорбута.
Бу быыстапкаҕа Николай Петрович өркөн өй күүһүнэн, тарбахтарын талаанынан сыралаахтык, айымньылаахтык айбыт үлэлэрэ — остуол, буфеттар, сиэркилэ, сыарҕалар, ат киэргэлэ, о.д.а бииртэн биир кэрэ көстүүлээх оҥоһуктар турдулар.