Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун председателинэн, Саха Республикатын үөрэҕириитин, бэчээтин, культуратын туйгуна, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү уонна Нам улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын Президенин оҕо литературатыгар Амма Аччыгыйа аатынан бириэмийэтин бастакы лауреата, Сергей Есенин кыһыл көмүс, Николай Гумилев Улахан Үрүҥ көмүс мэтээллэринэн наҕараадаламмыт, Саха народнай поэта Иван Васильевич Мигалкин.
Иван Мигалкин 1954 сыллаахха бэс ыйын 23 күнүгэр Уус Алдан Мүрү алааһыгар Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Василий Николаевич Мигалкин учуутал этэ. Ийэтэ Ньурбаттан төрүттээх Екатерина Ивановна Александрова библиотекарь идэлээх. Бииргэ төрөөбүт 12лэр биэһэ – кыыс, сэттэтэ – уол. Биэс киһи учуутал идэлээх, Екатерина Ивановна уонна Василий Николаевич Мигалкиннар саха норуотун устуоруйатыгар дьоһуннаах миэстэни ылар дьону төрөтөн, иитэн таһаарбыттара.
Иван Мигалкин оҕо сааһыгар, пионер эрдэҕинэ, кини олоҕор ураты түгэн буолан ааспыта. Ол – кини Бүтүн Союзтааҕы “Артек” пионерскай лааҕырга сынньаныыта этэ. Манна араас омук оҕолорун кытта доҕордоһуута, Улуу халлаан куйаарын аартыгын Сир дьонугар арыйбыт Юрий Гагарины көрсүһүүтэ умнуллубат. Маҥнайгы хоһоонун уон үс саастааҕар “Артекка” сылдьан суруйбута. “Ахтыаҕыҥ буойуннары” диэн маҥнайгы хоһооно 14 саастааҕар Уус Алдан оройуоннааҕы “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыакка бэчээттэммитэ.
Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Иван Мигалкин Уус Алдан оройуонуттан, ахсыс кылааһы бүтэрэн баран, Бүлүү куоратыгар Николай Гаврилович Чернышевскай аатынан педучилищаҕа үөрэнэ кэлбитэ. Бүлүү педучилищатын бүтэрээт, 1973 сыллаахха Москваҕа А.М. Горькай аатынан Литературнай институтка поэзия салаатыгар киирбитэ. Сахалартан бу литературнай институт поэзия отделениетын биэс киһи бүтэрбитэ: Дьуон Дьаҥылы, Иван Гоголев, Семен Руфов, Анатолий Старостин уонна Иван Мигалкин. Россия биллиилээх поэта, ССРС Государственнай бириэмийэ лауреата Андрей Дементьев салалтатынан “Ньургуһуннаах сурук” диэн 22 саастааҕар Дьокуускайга таһааттарбыт бастакы кинигэтинэн дипломнай үлэтин ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.
Онтон Советскай Армия кэккэтигэр байыаннай журналиһынан сулууспалаан баран, саха тылын уонна литературатын учууталынан, “Эдэр коммунист”, “Кыым”, “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыаттарга корреспонденынан, Саха сирин кинигэтин издательствотыгар редакторынан, “Бороҕон ТВ” телестудияҕа директорынан үлэлээбитэ.
Айар суол Иван Мигалкиҥҥа эндирэ суох, көнө буолбатаҕа. 16 сыл кини айымньылара бэчээттэмэтэхтэрэ. Бу поэт киһиэхэ төһө да улахан охсуу буолбутун иһин, кини бэйэтэ кытаанах, олохтоох санаалаах буолан, суруйар баҕата, ыра санаата уостан – умуллан хаалбатаҕа. 1992 сыллаахха Наталья Харлампьева, Василий Сивцев, Урсун, Василий Тарабукин үтүө көмөлөрүнэн “Сүрэҕим кистэлэ” диэн ааттанан кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Ити сыл Суруйааччы союһугар ылыллыбыта. Ол да быһыытынан, үлүһүйэн туран суруйан, үлэлээн билигин сэттэ уонча кинигэни таһаартарбыт суруйааччы буолар.
Иван Мигалкин поэзиятын сүрүн темалара: төрөөбүт дойду, эйэ, олох суолтатын анаарыы, таптал уонна оҕоҕо сырдык иэйии. Бэйэтэ этэринэн, олох олоруу – күн бэлэҕэ, тыыннаах сылдьыы – сүдү дьол.
Иван Мигалкин тылбаасчыт быһыытынан саха литературата сайдарыгар кылаатын киллэрсибитэ. Нуучча аатырбыт поэттарын, маны таһынан Болгария, Армения, Монголия, Молдова, Кыргыстан, Туркмения уо.д.а. поэттар айымньыларын талааннаахтык тылбаастаабыта. Константин Симонов суруйбут “Жди меня” диэн уос номоҕо буолбут хоһоонун Иван Мигалкин тылбаастаабыта саха тылынан олус истиҥник, нууччалыы суруллубут тэтимэ уларыйбакка иһиллэр.
Онтон бэйэтин айымньылара элбэх омук тылынан бэчээттэммиттэрэ.
Иван Мигалкин саха үтүөлээх дьоннорун ааттарын үйэтитиигэ элбэх үлэлээх. Саха сирин суруйааччыларын, үлэһит, талааннаах дьонун туһунан ахтыылара, интервьюлара, кинигэлэрэ иитэр-үөрэтэр суолталара улахан.
Иван Васильевич поэт, журналист, тылбаасчыт буолары таһынан республикаҕа биллэр коллекционер. 1961 сыллаахтан, ол аата маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьан, открыткалары хомуйууну саҕалаабыт. Оттон кумааҕы харчыны, манньыаттары, мэтээллэри, орденнары, араас значоктары, кинигэлэри муспут. Бу туһунан “Дьикти дьарык” диэн кинигэлээх. Бу дьикти дьарык дойду историятын, культуратын үөрэтиигэ туһата олус элбэх, кэлэр көлүөнэҕэ – дьоһуннаах бэлэх.
Поэт эрэ барыта оҕолорго анаан суруйбат. Оҕоҕо анаан суруйуу туспа талааны, ирдэбили эрэйэр, ону таһынан, оҕоҕо анаан суруйар поэт бэйэтэ оҕолуу ыраас, аһаҕас дууһалаах, тулатын оҕолуу сонун хараҕынан сатаан көрөр буолуохтаах. Иван Мигалкин оҕолорго аналлаах “Сарданалаах кыысчаан”, “Куобах түүтэ — ньургуһуннар”, “Оһуор ойуу оҥоойук”, “Сандаар уоттаах күммүт”, “Балык ууну тоҕо булбутай?”, “Лабаа аайы таммах”, “Көрдөөх сэлиичээн” уо.д.а. кинигэлэрдээх.
2013 сылга Иван Васильевич Мигалкиҥҥа Саха Республикатын Президенин ыйааҕынан “Саха народнай поэта” аат иҥэриллибитэ. Народнай поэт диэн аат аҥаардас айар талаан иһин бэриллибэт. Бу – норуотун туһугар элбэҕи оҥорбут, дойдута сайдарын иһин сыратын биэрбит киһиэхэ бэриллэр үрдүк аат.
1993 сыллаахха кэргэнэ Зоя Васильевнаны кытта Василий Андреевич Протодьяконов – Кулантай аатынан литературнай түмэли тэрийбиттэрэ. Бу музейга тыһыынчанан кинигэ, суруйааччылар тустарынан элбэх матырыйаал, былыргы сэдэх маллар хараллан тураллар.
Иван Васильевич удьуорун утумнаан үс оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх.
Элбэх кинигэни суруйуу, үтүмэн коллекцияны хомуйуу, тустаах үлэни толоруу, бүтэр уһуга суох дьону көрсөн кэпсэтии, ыччаты кытта көрсүһүү, онно бэйэ санаатыгар тиэрдии, Саха сирин бары улуустарынан айан уонна дьиэ кэргэн туруктаах олоҕун хааччыйыы – бу барыта Иван Мигалкин күннээҕи түбүгэ, үлэтэ, олоҕо этэ.