«Төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата» диэн Кулаковскай Реас Алексеевич төрөөбүтэ 110 сылыгар, Атос Реасович төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах тэрээһин «ОЛОҔУ ТАПТАА» быыстапка арыллыытынан саҕаланна.
🔸 Тэрээһиҥҥэ Кулаковскайдар сыдьааннара, Таатта улууһун бэрэстэбиитэллэрэ, биллиилээх суруйааччылар, учуонайдар, улуус общественноһа кыттыыны ылан эҕэрдэ тылларын эттилэр. Быыстапкаҕа саха уус-уран литературатын төрүттээбит, биллиилээх общественнай уонна политическай деятель, биһиги омук олохпутун, норуоппут тылынан уус-уран айымньытын аан бастакынан чинчийбит, киэҥ философскай көрүүлээх поэт, учуонай Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй – ууһун кэҥэтэн, удьуорун уһатан, кини сырдык үтүө дьыалатын салҕаан, сайыннаран, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээхтик үлэлээн, айан-тутан боччумнаах суолу хаалларбыт үтүөкэн дьоммут олохторун, үлэлэрин сырдатар матырыйааллар киэҥ көрүүгэ турдулар.