1905 сылга бастаан нуучча сирин барытын долгутан хамсаппыт революция Саха сиригэр тиийэн кэлэн кинилэри долгуппута урукку өртүгэр туохха да сыстыбына, билиминэ олорбут дьону. Сытар ынаҕы туруоруо суох курдук быһыылаах дьон эмискэччи хамсаан-имсээн, саҥаран-иҥэрэн кэллилэр: киһи үөйбэтэх-өйдөөбөтөх тылларын тыллаһан бардылар. Урукку өртүгэр сахалар тугу да билбэт, тугу да гыммыт-дьаһайбыт иһин тугу да өрө эппэт, туохха да өрөлөспөт дьон курдук ааҕыллар этилэр. Оннук санаа сыыһа буолан сахалар 1905 сылга атыннык быһыыланан-хамсанан кинилэри, урукку быһыыларын билэр дьону, бэркэ соһуттулар.
…Онон 1905 сылга саха дьоно санаата долгуйан, тутунан дьаһаллар олохторун сөбүлээбинэ, ол утары өрө туран, Саха союһун тэринэн, ол олохторун-дьаһахтарын уларытарга тэриммиттэрин, аҕыйах үөрэхтээх көскө кэлбит политиктар санааларын хоту барбыт дьон дьаһайбыттарынан сахалар барбыттара диир, ханнык да сымыйа, алҕас. Онно бары саха барыта санаата хайдан – долгуйбута, былыр-былыргыттан баттабыл-атаҕастабыл мунньуллубута бэрдиттэн, саханы нуучча ыраахтааҕытын тойотторо олус самнары баттаан көннөрбөттөрүттэн, үөрэҕи тэлгэппэттэриттэн, онтон хайдах эрэ босхолоноойобут, бэйэбитин олохпутун бэйэбит билэрбитинэн, бэйэбит олохпутугар сөп буоларынан тэринээйэбит – диэн. Киһи дьиибэргиэн-сөҕүөн, хайдах букатын суругу билбэт, хайа эмэ тыа быыһыгар сытар сахалар соччоҕо барылара соҕуруу дойду олоҕун быһыытын-майгытын барытын истэн-билэн, бэйэлэрэ эмиэ өрөлөһөр санааны булбуттара. Ол “Саха союһун” тэрийэр саҕана хайа эмэ тыаттан киирэр саха тылын саҥатын истэн көрдөххө, кинилэр хайыы-үйэҕэ соҕуруу дойдуга хайдах-туох буолтун барытын истибит-билбит буолар этилэр.
…Онон “Саха союһа” тэриллибитэ бары саха дьонун барытын санаата барыта холбоһон, кинилэр кырдьык баттабылларыттан-атаҕастабылларыттан быыһанар баҕаларыгар.
…Онно биһиги үлэлээбиппит бэрт аҕыйах хонукка. Сотору дойдуга министрдэр председателлэригэр Виттеҕэ телеграмма ыыппыппытыгар “Саха союһун” тоҕо тэрийбиппитин итигэннэ хайдах саха олоҕун тупсаран тэрийиэххэ сөптөөҕүн туһунан кини биһигини барыбытын киин дьаһабылга киирбит дьону түргэнник хаайарга ыйаах ыыппыт. Мин оччоҕо куоракка олоро буоламмын саамай бастаан тутуллубутум.
…Бэҕэһээҥҥэ диэри олохтоох тутулу, бэрээдэктэри сэмэлиир, тиһэҕэр тиийэ, өлүүгэ эбэтэр дьолго тиийиэххэ диэри охсуһарга андаҕайбыт биһиги норуоппут нуучча администрацията саа-сэп күүһүнэн саба баттыырга саанньытыттан куттаммыта. Онно мин хаайыыга сытаммын, онно туох да тосхолу, сыыһаны булуманабын, бары дьоннор саныыр санаабытын, оҥорбут оҥоһуубутун этэн биллэриэх санаам кээлтэ. Дьэ ону хайдах да сатаан мин биллэриэхпин булбатаҕым. Көннөрү сурук суруйдахпына да, кэпсээн курдук суруйан таһаардахпына да, арай бэйэм билсэр доҕордорум, бэйэлэрэ да мин санаабын билэр дьон, ааҕан билииһиктэр, оттон көннөрү, суруксута суох сахалар, ордук истиэхтэригэр-билиэхтэригэр баҕарар дьонум букатын истибэккэ, билбэккэ хаалыыһыктар. Онтон чугуйан, хайдах гынарбын билиминэ сыттахпына, арай биир политик миэхэ өй-санаа биэрдэ. Миигин бастаан соҕотоҕун хаайбыт хаайыыларыгар былыргыта хаайылла сылдьыбыта Манчаары диэн түөкүн, сахаҕа аатыран дьон кэпсээнигэр, ырыаһыт-олоҥхоһут ырыатыгар-хоһоонугар киирбит киһи. Онтон өй ылан мин кини сылдьыбытын, быһыыланыытын көрдөрөн, онно бэйэм өйбүн-санаабын этэн, дьонум миигин хайдах гыммыттарын, кэпсиэх санаа киирдэ.