Арассыыйа судаарыстыбатыгар ыытыллыбыт “Земскай реформа” түмүгүнэн бигэргэммит уонна олохтоммут “Земскай бэйэни салайыныы” 1864 сылтан ХХ үйэ саҕаланыытыгар дылы Арассыыйа арҕаа өттүнээҕи губернияларыгар эрэ киирбитэ. “Земскай бэйэни салайыныы” Сибииргэ 1905 сыллаахха муус устарга кэлбитэ. Саха уобалаһын губернатора В.Н. Булатов 1905 с. ыам ыйын 23 күнүгэр ити туһунан дьаһалы туппута.

​“Земскай бэйэни салайыныы” Саха сирин олохтоохторугар ыраахтааҕы былааһын чиновниктара уонна кинилэр бэйэлэрин эрэ тустарыгар анаммыт салайыыларыттан хааччахтанар, көмүскэнэр кыаҕы үөскэппитэ. 1838 сыллаахха тохтотуллубут “Степной дума” кэнниттэн атын тэрилтэ Саха сиригэр суоҕа. Саха уобалаһыгар киирбит “Земскай бэйэни салайыныыны” Саха сирин олохтоохторо өрө күүрүүлээхтик көрсүбүттэрэ, В.В. Никифоров этэринэн “бүтүн улахан хамсааһын төрүөтүн үөскэппитэ”.

​1905 сыл от ыйыттан-атырдьах ыйыгар диэри В.В. Никифоров салалталаах Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын уопсастыбата Саха уобаластааҕы земскэй тэрилтэлэр тэриллиилэрин сүрүннүүр бырайыагын оҥорбута. Атырдьах ыйын 11 күнүгэр уопсастыба кыттыылаахтарын мунньаҕар ити бырайыагы бигэргэтэн баран, атырдьах ыйын бүтүүтэ губернатор В.Н. Булатовка тиэрдибиттэрэ.

​1905 с. алтынньы ыйыгар Дьокуускай, Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уокуруктарын улуустарын бааһынай уопсастыбаларын бэрэстэбиитэллээх ыҥырыылаах мунньахтарыгар В.В. Никифоров “Саха уобаластааҕы земскэй бэйэни салайыныы сүрүн торума” бырайыагы биир бастакынан иһитиннэрбитэ. Улуус бэрэстэбиитэллэрэ истэн баран ити бырайыагын ылымматахтара, бииргэ үлэлииргэ сөбүлэспэтэхтэрэ уонна губернатор В.Н. Булатовка туспа бырайыагы түһэрбиттэрэ.

​Уобалас губернаторыгар туттарыллыбыт, В.В. Никифоров салалталаах оҥоһуллубут “Саха уобаластааҕы земскэй бэйэни салайыныы сүрүн торума” бырайыакка уобалас дьаһалтатын быраабын күттүөннээхтик хааччахтааһыны, уобалаһы салайыыны Земскэй мунньах көрүүтүгэр биэриини, сахалар сирдэрин бэйэлэрэ бас билиилэрин, Государственнай Дуумаҕа бэрэстэбиитэли сахалартан талыы киллэриллибитэ. Ол гынан баран, Иркутскай генерал-губернаторыгар ыытыллыбыт икки “Сахалар бырайыактара” өрөбөлүүссүйэ дьайыытыттан күһэллэн туора ууруллубуттара, олоххо хайалара да киирбэтэҕэ.

Хаартыскаларга:

  • Саха уобалаһыгар Земстваны киллэриигэ «Торуму» оҥоруу кэмигэр В.В. Никифоров биир санаалаахтарын кытта. Алын кэккэҕэ, хаҥастан: И.Ф. Афанасьев (иккис), И.С. Говоров (үһүс), В.В. Никифоров (төрдүс); ортоку кэккэҕэ: П.А. Афанасьев (төрдүс), И.Г. Васильев (алтыс); үөһэ кэккэҕэ: П.В. Слепцов (иккис). Дьокуускай куорат, 1905 сыл.
  • Виктор Николаевич Булатов — 1903-1907 сс. Саха уобалаһын губернатора.
  • 1905 с. атырдьах ыйын 11 күнүгэр буолбут Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын мунньаҕын боротокуола.

От admin