В.В. Никифоров оҥорбут “Саха уобаластааҕы земскэй бэйэни салайыныы сүрүн торума” бырайыак бэйэтин салҕааһынын уонна сайдыытын 1906 сыллаахха тохсунньу 4 күнүгэр В.В. Никифоров тэрийбит “Сахалар сойуустарыгар” булбута.

Кини бастаан бэйэтин дьиэтигэр ахсынньы 31 күнүгэр доҕотторун мунньан сүбэ мунньах тэрийбитэ. Кинилэртэн өйөбүлү ылаат, В.В. Никифоров тэрийэр бөлөҕүн кытта Жураковскай диэн уобалас типографиятын сэбиэдиссэйин дьиэтигэр тохсунньу 4 күнүгэр улахан мунньаҕы оҥорбута. Ол мунньахха улуустартан бэрэстэбиитэллэр уонна араас дуоһунастаах дьон мустубуттара. Мунньах “Сахалар сойуустарын” соругун уонна үлэтин-хамнаһын көрдөрөр устаабы бигэргэппиттэрэ.

​“Сахалар сойуустара” В.В. Никифоров ыраахтааҕы былааһа олохтообут тутулун кытта аһаҕас утарсыытын көрдөрбүтэ уонна национальнай-демократическай быраабын, саха норуотун көҥүлүн туһугар кини тэрээһиннээх политическай үлэлээһинин саҕалааһына буолбута. “Сахалар сойуустара” – лоп курдук оҥоһуллубут устааптаах, чопчу ыйыллыбыт бырагыраммалаах, либеральнай-демократическай тутулга олоҕурбут бастакы национальнай политическай тэрилтэ буолбута.

“Сахалар сойуустара” устаабыгар маннык соруктар турбуттара:

— Сахалар туттар сирдэрэ, хааһынаҕа (владеемых казной в виде оброчных статей), манастыырдарга, таҥара дьиэлэригэр уонна көскө ыытыллыбыт дьон олороругар анаммыт сирдэр сахалар бас билиилэрэ буолуохтаах;

— Саха уобалаһын Саха уобалаһын инородецтарын барытын кыттыһыннаран туран земскай бэйэни салайыныы балаһыанньатын ылынарга;

— Сахалар Судаарыстыбаннай Дуумаҕа бэйэлэрэ бэрэстэбиитэллэнэллэрин ситиһии;

— уопсастыбаннай тэриллиилэри полиция кэтээн көрүүтүн уонна былаас кинилэри хааччахтарын суох гынарга.

Сойуус устаабыгар хайдах бу модьуйуулары ситиһэр ньымалары эмиэ суруйбуттара:

а) модьуйуулары олохтоох уонна Арассыыйа дьаһалтатыгар тиэрдии;

б) полицейскай чыыннары кытта кэпсэтэртэн кыккыраччы аккаастаныы;

в) түһээннэртэн уонна бэбииннэстэртэн аккаастаныы.

Мунньахха “Сахалар сойуустарын” киин кэмитиэтин талбыттара. Онно, 9 киһи чилиэнинэн уонна биир киһи чилиэҥҥэ хандьытаатынан талыллыбыттара.

“Сахалар сойуустара” тэриллибит бастакы күннэриттэн 200-чэ киһи киирбитэ, сүрүннээн улуустар кулубалара уонна саха сирин үөрэхтээхтэрэ этилэрэ. Сорох-сорох улуустарга олохтоох бэйэлэрин “Сойуустара” тэриллибиттэрэ. Саха сирин уокуругун суутун борокуруора Л.И. Гречин Иркутскайдааҕы Суут Балаататыгар дакылаатыгар маннык суруйбут: “Из 8 улусов Якутского округа с 131 наслегами присоединились к программе “Союза якутов”; 10 наслегов Дюпсинского улуса; 15 из 17 наслегов Мегинского улуса; 19 из 31 наслега Ботурусского улуса; 6 наслегов Баягантайского и несколько наслегов Западно-Кангаласского улусов». Бу ыйыллыбыт көрдөрүүлэр, арааһа үлүннэриллибит буолуохтарын сөп, тоҕо диэтэххэ “Сахалар сойуустара” 13 эрэ күн үлэлээбитэ.

От admin