Тохсунньу 5 күнүгэр Васильев дьиэтигэр киин кэмитиэт мунньаҕа буолбута, ол мунньах түмүгүнэн Арассыыйа Миниистэрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр граф де Виттеҕэ тэлэгэрээммэ суруйбуттара. Ол тэлэгэрээммэҕэ бары төлөбүрдэртэн босхолуулларын туһунан модьуйууларын биллэрбиттэрэ.
1906 сыллаахха олунньу 5 күнүгэр “Сахалар сойуустарын” уобаластааҕы сийиэстэрин тэрийии туһунан ыҥырыы ыытыллыбыта.
“Сахалар сойуустара” либеральнай-демократическай буолан радикальнай модьуйуулары туруорбатаҕа. Баар судаарыстыбаны, монархияны утарбатаҕа. Ирдэбиллэригэр Саха сирин Арассыыйаттан араарыы туһунан суоҕа, ханнык эмэ кылаас интэриэһин соҕотохтуу көмүскээбэтэҕэ. Саха омугун бүттүүнүн быраабын туһугар охсуһар тэриллии этэ.
Бу тэриллии уобалас салалтатын эрэ буолбакка, Арассыыйа Ис дьыалатын министиэристибэтин кытта долгуппута. Ис дьыала миниистэрэ Саха уобалаһын губернаторыгар Булатовка тохсунньу 13 күнүнээҕи ыйыытыгар граф Виттеҕа ыытыллыбыт телеграммаҕа илии баттаабыт дьону барытын түргэнник тутарга, хаайарга уонна эппиэтинэскэ тардарга модьуйбута.
Тохсунньу 18-тан 19-гар түүн “Сахалар сойуустара” КК алта чилиэнэ тутуллубуттара, сотору кэминэн атыттары эмиэ хаайбыттара. Губернатор Булатов уокурук ыспыраанньыктарыгар “Сахалар сойуустарын” утары миэрэлэри ылар туһунан сурук ыыппыта.
Бу миэрэлэр олохтоохтору эрэ буолбакка, сорох тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьоҥҥо эмиэ улахан куттаныыны-дьаахханыыны үөскэппиттэрэ. Киин кэмитиэт чилиэннэрэ Готовцев, Васильев (куорат дууматын гласнайа) буруйдарын билинэн, “ситэ толкуйдаабакка бу хамсааһыҥҥа киирбиппит “диэн ааттаан хаайыыттан босхоломмуттара.
Балаҕан ыйын 11-15 күннэригэр “Сахалар сойуустарын” киин кэмитиэтин дьонун, барыта 16 киһини сууттаабыттара. Адбакаатынан эсер М.В. Сабунаев буолбута. Саха уобаластааҕы суута 7 киһини буруйа суохтарынан ааҕан хаайыыттан босхолообута, 9 киһини араас кэмҥэ хаайыыга утаарбыта, ол иһигэр В.В. Никифоровы 1 сыл 6 ыйга хаайыыга укпута.
Суут уурааҕын икки өттүттэн сөбүлэспэтэхтэрэ. Прокурор И.П. Подпалов Сенатка суут уурааҕын утарарын биллэрбитэ, В.В. Никифоров – ааһынар үҥсүүнү түһэрбитэ.
1908 сыллаахха от ыйын 23 күнүгэр Иркутскай уокуруктааҕы суутунан хаттаан көрүллүбүтэ. Ол түмүгүнэн, В.В. Никифоровтан уратылар бары хаайыыттан босхоломмуттара.
Ааспыт XX үйэ историятыгар “Саха сойууһун” үлэтин намыһахтык сыаналаан, омугу босхолуур демократическай хамсааһын ахсааныгар киллэрбэт этилэр. Кини салайааччыларын соруйан умнуу барбыта. Санатыллар да буоллаҕына, саҥа тахсан эрэр буржуазия бэйэтин көмүскэниитин, уонна былааһы ыла сатааһынын курдук сыаналанар этэ.