Андросова Наталия Егоровна — Уус-Алдан улууһун норуотун маастара, «Саха сирин норуоттарын спортивнай ооньууларын картатын” кыбытык тигиинэн оҥорбут улахан (кэтитэ 2.50, үрдүгэ 1.5 миэтирэ) дьэрэкээн көбүөрүн бэлэх уунна. Картаҕа улуустар гербэлэринэн ханнык сылларга ханнык улуустарга спортивнай ооньуулара буолбуттара кыһыл былааҕынан бэлиэтэммитэ көстөр.
Наталья Егоровна аан маҥнай 2006 сыллаахха Тандаҕа Байаҕантайдар ыһыахтарыгар Уус-Алдан, Таатта, Томпо, Өймөкөөн гербэлэрин тигэн саҕалаабыт. Ол кэннэ оройуоннар гербэлэрин интэриэһиргээн, үөрэтэн барбыт.
Бу дьарыгыттан ураты кини өссө суруйар дьарыктаах, Тандаҕа литературнай, ииистэнньэннэр түмсүүлэрин тэрийэн үлэлэтэр, араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Бэрт Ууһун тимир уустара Попов Илларион Егорович салайааччылаах –Майаҕатта Бэрт Хара аатын ааттатан бэйэлэрин санааларынан, кыахтарынан оҥорбут батыйаны уонна хотохон батыйаны экспонат быһыытынан музейбытыгар туттардылар. Оҥоһуктары 2021 сылтан саҕалаан 4 тимир ууһа буолан (Попов Илларион, Шепелев Афанасий, Катакинов Алескандр, Колодезников Егор) уһааран чочуйан оҥорбуттар.
Мүрү оһуордара уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр түмсүүтун маастардара Атласова Мария Семеновна, Дегтярева Татьяна Гаврильевна, Охлопкова Галина Семеновна уонна Илларионова Маргарита Иннокентьевна буолан 2015 сыллаахха кыбытык ньыманан бэйэлэрэ тикпит оҥоһуктарын музей фондатыгар туттардылар.
Мария Семеновна бу идеяны 2015 сыллааха Иннокентий Посельскай проегынан биир үөлээннээхтэрин көҕүлээн тигэн саҕалаабыттар.
Маастардарбытыгар музей коллективын аатыттан барҕа махтал тылларбытын аныыбыт, инники үлэлэригэр табыллыыны, ситиһиини баҕарабыт.