Бүгүн, от ыйын 5 күнүгэр, Саха сирин норуоттарын 8 спортивнай оонньууларын чэрчитинэн Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус музейа саҥа таас уораҕайын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттар – СР правительствотын солбуйар председателэ Местников С.В., Уус Алдан улууһа (оройурна) муниципальнай оройуон баһылыга Федотов А.В., СР Ил Тумэн бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Жирков А.Н., Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус музейын директора Заболоцкай Дь.М., 20 сыл улуус музейын директорынан улэлээбит, СР культуратын утуөлээх улэһитэ Белолюбская З.М. аалай лиэнтэни быһан кэлбит дьоҥҥо улууспут баай ис хоһоонноох музейын аанын сэгэттилэр.
Алексей Васильевич Федотов
… Бу оонньууга аҥардас спорт эрэ буолбакка культура эйгэтин хамсааһына манна бигэтик көстөр дии саныыбыт, ол эбэтэр биһиэхэ Тойон Мүрү культуура дыбарыаһа үлэҕэ киирдэ, бүгүн бу музейбыт таас уораҕайга киирдэ. Культура управлениетын начальнигын Иннокентий Иннокентьевич Аммосовы уонна Дьулустаан Михайлович салайааччылаах музей коллективын эҕэрдэлиибин. Музейбыт коллективыгар айар киэҥ талааннах үлэҕитин саҥалыыргытыгар баҕа санаабын этэбин.
Сергей Васильевич Местников
Ханнык баҕар норуот, улуус , нэһилиэк бэйэтин историятын ытыктыыр, убаастыыр уонна дьоҥҥо сэргэҕэ ыалдьыттарга кэпсиир буоллаҕына бу норуот үйэлээх буолар, кини туһунан хаһан баҕарар ханнык да үйэлэргэ кэпсэнэ турар буолар онон маннык түмэл тэрииллибитэ саамай сөптөөх. Уонна бу былаас эрэ көҕүлээһининэн буолбакка, нэһилиэнньэ, улуус олохтоохторо көҕүлээһиннэринэн, этиилэринэн ону олохтоох дьаһалта өйөөн чуолаан Алексей Васильевич ылсан бу дьиэни сөргүтэн, билигн республикаҕа биир тарбахха баттанар үчүгэй хааччыллыылах, кыраһыабай уонна баай историялах музей буолбута олус бэртээхэй. Онон бу түмэлгэ элбэх ыччат, оҕо-уруу сырыттын кинилэр бэйэлэрин норуотун историятын биллиннэр, тарҕаттыннар.
Александр Николаевич Жирков
Хайа баҕарар норуот, омук бэйэтин историятын хайдах суруйара, оҥосторо, историятыгар, ааспытыгар хайдах сыһыаннаһара ол омуктан бэйэтиттэн улахан тутулуктаах. Музейдартан ирдэбил билигин күн-түүн күүһүрэн иһэр, онно эһиги сөп түбэһэн музей билигни көннөрү баар экспонаттары ыйаан көрдөрөөччү, оннооҕор кэпсээччи да буолбатах, научнай үлэни ыытаччы, биһиги улуустарбыт историялара, биһиги республикабыт историята буолан биир сомоҕо түмсүөхтээхтэр. Дьоллоох-соргулаах буолун, учугэйдик улэлээн-хамсаан бу улуускут туһугар, республикаҕыт туһугар, төрөөбүт сахабыт норуотун туһугар.
Дьулустаан Михайлович Заболоцкай
Музей саҥа таас уораҕайыгар киирэрбитигэр күүс көмө буолбут биир идэлээхтэрбитигэр, улуус культуратын салаатын начальнигар Аммосов И.И. уонна улууспут салалтатыгар, чуолаан аҕа баһылыкпытыгар Федотов А.В. улахан барҕа матал тылларбытын аныыбыт. Кэлэр көлүөнэ ыччакка улууспут дьиҥ чахчы историятын билиһиннэрэр, элбэх научнай үлэлэри ыытар сыаллаах үлэбит өссө таһаарыылаах, ситиһиилээх буолуо.
Кэлбит ыалдьыттарга музей улэһиттэрэ саҥа “Застывшее время, Судьба местности Томтор”, “След, оставленный в будущее” экспозициялары, “Норуоттан тахсыбыт суду талаан”, “Дойдум миэнэ Уус Алдан”, быыстапкалары сырдаттылар.