Ленинград блокадатын туһунан литератураҕа, историческай наукаҕа хайа да кыргыһыылардааҕар ойуччу тутан ахтыллар. Онтон биһиги бу улуу куорат иһин кыргыһыыларга кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт туһунан билэ-көрө сатыыр ытык иэстээхпит. Ленинград оборонатын кыттыылааҕын Готовцев Павел Петрович туһунан кылгастык ахтан ааһыаххайын.
1914 сыл Байаҕантай улууһугар Тандыгы диэн сиргэ 9 оҕолоох Ирина Кузминична уонна Петр Егорович Готовцевтар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ. Дьоно төһө да үөрэҕэ суох буоллаллар төһө кыалларынан оччотооҕу кырыымчык кэмҥэ оҕолорун үөрэттэрэргэ кыһаллаллара. Павел Танда оскуолатын 4 кылааһын бүтэрбитэ. 1934 сыллаахха «Табалаах» колхоз чилиэнинэн киирбитэ. Сэриигэ ыҥырыллан барыан диэри колхозка сайынын субай сүөһү бостуугунан, хонуу үлэтигэр, кыһынын кадровай булчутунан, сылгыһытынан сылдьыбыта. 1936 сыллаахха Таатта улууһуттан Луковцева Мария Анемподистовна уонна Уоһук Харытыанабыс кыыстарын Маайаны сүгүннэрэн аҕалбыта. 1941 сыллаахха бэбиэскэ тиийэн кэлбитэ. Барыта 9 буоланнар атырдьах ыйын 11 күнүгэр дойдуларыттан арахсыбыттара. 1942 сыллаахха кулун тутар 9 күнүгэр аан бастаан атаакаҕа киирбит күнүн Байбал маннык ахтара: “Ыраах көстөр үрдэл сири ылыахтаахпыт диэн бирикээстээбиттэрэ. Күнүһүн хаары хаста-хаста тобулу түһэн сытабыт. Түүнүн хараҥарар, ол кэмҥэ иһирдьэ киирэ сатыыбыт. Сарсыарда сырдаатар эрэ ытыалаһыы саҕаланар, киэһээ боруҥуй буолуута арыыйда сэллиир. Ити курдук икки өттүнэн 5 күнү быһа мөҕүстүбүт. Кулун тутар 16 күнүгэр сарсыарда фашистар хас да чаастаах артиллерийскай атаака оҥордулар, сотору-сотору снарядтар түһэн эстэр тыастара ньиргийэн олорор. Онтон эмискэ хаҥас илиим ньир гынна, снаряд оскуолката илиибин үлтү көтөн ааста. Ону былаатынан саба тардан баран кэннибинэн үнэн баран истэхпинэ өр буолбата, винтовка буулдьата бүлгүнүм уҥуоҕун супту көтөн кэбистэ. Өйбүн сүтэрэ-сүтэрэ өйдөнөн кэлэбин. Буулдьа киһини өндөппөт, снарядтар сотору-сотору кэлэн түһэллэр. Снаряд түспүт боруонкатыгар нэһиилэ сыыллан киирдим, хас да өлбүт киһи сытарыгар быыстарыгар киирэн сыттым. Онтон төһө өр өйө суох сыппыппын билбэппин, биирдэ өйдөнөн кэлбитим ыт үрэрин курдук саҥа иһиллэр. Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ үөһээ 4 киһи күлүгэ көстөр. Биирдэстэрэ аллараа түһэн сытар дьону тэбиэлээтэ, дьолго мин түгэххэ сытар буолан таарыллыбатым быһыылаах. Дьэ ол курдук өйө-төйө суох сыттахпына санитардар булан ылан санчааска таһаарбыттар этэ». Бу уоттаах охсуһууттан тыыннаах ордон дойдутун буларыгар борустуой саха уола аар тайҕаҕа тоҥуу хаары кэһэн булду сонордоон туора маара хаампыта улахан көмө буолбута, 12 төгүл бааһыран кыргыһыы толоонуттан тыыннаах ордон төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
play youtube,
Brazzer,
xhamster,
xvideos,
hentai,
porn,
tiktok download,
MP3 download,
Download Mp3,
,
Panthers Georgia,
sex mex,
mp3play,