Отadmin

Май 18, 2019

Ыам ыйын 17 күнүгэр музейдар Аан Дойдутаа5ы күннэринэн, саха интеллигенциятын революция иннинээҕи бас-көс киһитэ В.В. Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 153 сылынан улуус музейыгар  Ил Түмэн вице — спикерэ, и.н.к., Россия музейдарын Сэбиэтин чилиэнэ Жирков А.Н. суруйбут “Драма В.В. Никифорова – Күлүмнүүр “Манчары” диэн кинигэтин ырытыы буолан ааста. Ырытыыны иилээн-саҕалаан ыытта музей директора Белолюбская З.М. Тэрээһин В.В. Никифоров – Күлүмнүүргэ аналлаах  быыстапкаттан, эҕэрдэ тылларынан  саҕаланна. Кинигэни ырытыыга кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Сыроваткай И.И., улуустааҕы архыыптан  Пухов Г. И, суруналыыс — Сыроватская Е.Н., культуура бэтэрээнэ — Сивцева М.З. , музей сотруднига – Афанасьева Ю.И. иһитиннэрии оҥордулар. Кэлбит ыалдьыттар саха балаҕаныгар итии чэйдээх остуол тула бэйэлэрин санааларын этэн, эҕэрдэлээн  тарҕастылар.

От admin

Добавить комментарий

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.