Олунньу 9 күнүгэр Өнөр нэһилиэгэр “Герой сулуһа” – Россия Дьоруойа Михаил Михайлович Стрекаловскай 110 сылыгар аналлаах тэрээһин чэрчитинэн оскуола үөрэнээччилэригэр музейнай уруок ыытылынна. И.П. Готовцев аатынан Тандатааҕы түмэл сотруднига Матрена Черноградская Байаҕантай нэһилиэгин 3 буойун Дьоруойдарын олохторун, бойобуой сырыыларын сырдатта. Ол курдук, түмэл пуондатыттан кэлбит экспонаттар – Гражданскай сэрии Дьоруойа Г.В. Егоров – Хабырылла Дьөгүөрэп кыыннаах быһаҕа, бэйэтэ тутта сылдьыбыт рулетката, Советскай Сойуус Дьоруойа В.Д. Лонгинов грамотата уонна аҕатын Дионисий Евстафьевич былыргы сахалыы алфавитынан суруллубут евангелиета оҕолор, кэлбит ыалдьыттар интэриэстэрин тарта. Түмэл үлэһиттэрэ Россия Дьоруойа Михаил Михайлович Стрекаловскай аатын чиэстээхтик сүгэр Өнөр орто оскуолатыгар (директор Сыроватскай Николай Петрович) музей таҥан таһаарбыт “Любить Родину – значит знать ее историю” открытка кэмпилиэгин бэлэх ууннулар.