(Николай Саввич Пестряков 95 сылынан)

 

Көлүөнэ элбэхтик солбуллуо,

Көлөбүт, сырыыбыт түргэтиэ,

Көрдөрөр-үөрэтэр музейдаах

Күндүкэн кыраайбыт чэлгийиэ.

                                          Н.С. Пестряков

 

Музей дьиҥ ис үлэтин, кыаҕын, сайдыытын манна үлэлээбит, нэмин билбит эрэ киһи сыаналыыр, билэр-көрөр кыахтаах. Улуус историятын музейа тэриллиитин кэрдиис кэмнэрин билиҥҥи көлүөнэ үлэһиттэр пуонданы хасыһан оччотооҕу кэм хаартыскаларыттан, ахтыылартан ааҕан билэбит.

Бэйэтин дьарыгын олус сөбүлүүр эрэ киһи үлэтэ ситиһиилээх, таһаарыылаах буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Педагог, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи, ис санаатынан дууһатынан энтузиаст киһи Николай Саввич Пестряков ааспыт кэм араас кыһалҕаларын туорай оҥостубакка санаабыт санаатын толору толорор сыаллаах музейын төрүттээбитэ.

Николай Саввич кыраайы үөрэтиигэ, үйэтитиигэ  музей үлэтэ уһулуччу улахан суолталааҕын  эдэр сааһыттан өйдөөн бу хайысханы сайыннарардыы үлэтин-хамнаһын саҕалаабыта. Ол курдук, 1950 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн Курбуһах 7 кылаастаах оскуолатыгар учууталынан, онтон дириэктэринэн үлэлээбит кэмнэригэр бэйэтин баҕа өттүнэн бастакы кыраайы үөрэтэр музей хоһун тэрийэн үлэлэппитэ. Музей хайысхатыгар бу кини бастакы хардыытынан буолбута саарбаҕа суох. Ону туоһулуур бэйэтин ахтыыта Курбуһах оскуолатын музейын пуондатыгар баара биллэр.

1957 сыллаахха СГУ үөрэнэн бүтэрээт, Аллайыаха оройуонун Чокурдаах оскуолатыгар ананан үлэлии тиийбитэ. Манна үлэлиир сылларыгар оскуола оҕолорун кыраайы үөрэтиигэ, көрдүүр, чинчийэр үлэҕэ сыһыаран, кыһыннары-сайыннары батыһыннара сылдьан чочуйара. Оскуола иһинэн музей тэрийэн пуондатын араас экспедицияларга сылдьыбыт, хомуйбут матырыйаалларынан толороро, көрдөрүүгэ туруоран дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕолорго сырдатара.

 Дьэ онтон, 1965 сылтан төрөөбүт улууһугар кэлэн үлэлиир. 1972 сыллаахха Бороҕоннооҕу оройуон музейын тэрийэн саҕалыырыгар, бэйэтэ этэринэн опыттаах курдук сананан бу үлэни ылсыбыта. Олохтоох кырдьаҕастар сүбэлэринэн, биир дойдулаахтара, биллиилээх суруйааччылар Сергей Степанович Васильев – Борогонскай, Василий Андреевич Протодьяконов – Кулантай, Гавриил Григорьевич Вешников – Баал Хабырыыс  өйөбүллэрэ күүс-көмө буолбута саарбаҕа суох. Музей 1972 сыл бэс ыйыгар бастакы ыалдьыттарга аанын тэлэччи аспыта.

Онтон 1987 сыллаахха “Доҕордоһуу” музейа тэриллэригэр бу хайысхаҕа үлэлии үөрүйэх, киэҥ билилээх-көрүүлээх киһи быһыытынан Дмитрий Кононович Сивцевтыын – Суорун Омоллооннуун саҥа  музей турар сирин үөрэтиигэ тэҥҥэ сылдьыспыта.

Николай Саввич Бороҕоннооҕу музейыгар 8 сыл устата общественнай ноҕорууска быһыытынан биир хамнаһа суох үлэлээбитэ. 1980 сылтан Емельян Ярославскай аатынан музей филиала буолары ситиспитэ. Дьэ, бу сыллар устата туох үлэ ыытыллыбытын, туох ыарахаттары көрсүбүтүн пуондабытыгар харалла сытар бэйэтин илиитинэн суруйбут дневниктэриттэн билсиэххэ сөп.  1981, 1982 сыллартан саҕалаан күннэринэн бэлиэтээһиннэрин көрдөххө, үлэтэ оргуйан олорор: музей дьиэтин-уотун тутуутун кыһалҕаларыттан саҕалаан араас темаларга быыстапка туруоруута, ааттаах-суоллаах ыалдьыттары көрсүү, экспонаттары хомуйуу, Дьокуускайга командировкалар о.д.а. Манна барытыгар бэйэтэ сүүрэн-көтөн, булан-талан, сөптөөх дьону кытта кэпсэтэн боппуруостарын быһаарара, туох ыарахаттары көрсүбүтүн, кыһалҕаларын бэлиэтээһиннэрэ эмиэ көстөллөр. Ол курдук, музей дьиэтин туттарыыга үгүс үлэни ыыппыта көстөр. Тутуу маһын көрдөөһүнтэн саҕалаан култуура миниистирин солбуйааччы Василий Афанасьевич Босиковка приемҥа сылдьыытыгар тиийэ үлэ ыыппыт. 1981 сыл олунньу ый 28 күнүгэр дневнигэр маннык бэлиэтээһини оҥорбут: “Музей үлэтэ өрүү элбэх, сындалҕаннаах. Бука дьиҥнээхтик ылларбыт киһи толору өйдүө буолуо. Өрүү дьиэ-уот кыараҕаһа мэһэй буолара хомолтолоох. Үчүгэй база наада. Музейы тутуохха!”

Бу туруоруммут сыалын ситиһэр санаалаах үгүс кэспэтии, сүүрүү-көтүү, сыралаах үлэ кэнниттэн 1982-1984 сылларга Аллараа Бэстээх биэрэгиттэн дьиэ маһын тиэйтэрэн  аҕалан музей дьиэтин туттарбыта.

Дневниктэри тэҥэ пуондаҕа 1985 сылтан 1993 сылга диэри суруллубут сыанабыллар уонна этиилэр кинигэтэ хараллыыга баар. Бу кинигэ бастакы толороочута, музей ыалдьыта – Москваттан Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит Илья Сергеевич Бочкарев буолар. Манна ыраахтан-чугастан музейы көрө кэлбит ыалдьыттар бэйэлэрин баҕа санааларын суруйан хаалларбыттара билигин туспа история буоллаҕа. Маны таһынан Николай Саввич кыраайы үөрэтиигэ бэлиэтээһиннэрэ, чуолаан Мүрү алаас былыргытыттан уонна географическай өйдөбүллэрин туһунан суруйуулара бааллар.

Дьэ бу маннык, үгүс сыллар устата ыытыллыбыт сыралаах үлэ түмүгэ билигин аныгылыы тупсаҕайдык оҥоһуллубут таас уораҕайга көстөр. Сэһэн Ардьакыап аатын сүгэр улууспут музейа кэлэр көлүөнэ ыччакка музеевед, энтузиаст кыраайы үөрэтээччи Николай Саввич Пестряков сырдык аатын үйэтитэн, төрөөбүт түөлбэбит дьиҥ чахчы историятын тиэрдэр үгүс сыаллаах-соруктаах үлэлии-хамсыы, сайда-үүнэ турар.

 

Музей методиһа Ю.Афанасьева.

(Матырыйааллар музей пуондатыттан туһанылыннылар)

От bmiuadmin

Добавить комментарий

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.