Иван Иванович Барашков 1908с. Бороҕон улууһун IIСуотту нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы педтехникуму, Москваҕа педагогичекай кууруска, Иркутскайга пединституту уерэнэн бутэрэн 1938-1946сс. тыл уонна сурук научнай-чинчийэр институтун секторын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Саха суруга-бичигэ нууччалыы алфавикка киириитигэр, орфография уонна терминология научнай төрүккэ киириитигэр күүскэ үлэлэспитэ. Саха оскуолатыгар аналлаах программалары, үөрэх пособияларын, саха грамматикатын учебниктарын суруйсубута. 1940-1946 сс.ССРС Наукаларын Академиятын историческай-археологическай экспедицияларыгар кыттан, А.П.Окладниковы кытта бөдөҥ научнай арыйыылары оҥорбуттара. Кини сирдээһининэн Суоттуга Ымыйахтаах культурата дэнэр таас үйэ неолитовай-археологическай пааматынньыга арыллыбыта. 1949-1960сс. А.С.Пушкин аатынан библиотекаҕа билиограбынан үлэлээбитэ. Уһун кэмҥэ Бүлүү, Якутскай педтехникумугар, оскуолаларыгар саха тылын, литературатын учууталынан үлэлээбитэ.
Биһиги Мүрү оскуолатыгар үөрэнэр чороччу улаатан эрэр оҕолор этибит.Ити 20-с сыллар саҥаларыгар Советскай былаас тыа сиригэр саҥардыы олохтонон эрэр кэмэ этэ. Гражданскай сэрии буола турара, оскуолабыт субу-субу сабылла-сабылла аһыллара. Платон Алексеевич Ойуунускайы дьиҥнээх бэйэтин харахтыы иликпит, аатын-суолун мэлдьи истэбит, ырыатын-хоһоонун умсугуйан туран ааҕабыт, ыллыыбыт. Хас мунньах,миитин аайы кини тылбааһын сахалыы “Интернационалы” тардан кэбиһэбит.Өрүүтүн уоспутутттан түһэрбэккэ, иллэн эрэ буолларбыт,”Үлэһит ырыатын” (тылбаас), “Көҥүл ырыатын”, “Уруйа улааттын” диэннэри муста түһэн, ыллаан ньиргитэрбит.Кырдьыга даҕаны, билигин санаан көрдөххө, дирбиэн-дарбаан, балкыырдаах байҕал курдук, күүрээннээх күннэр-дьыллар ааспыттар эбит. Ойуунускай ити ырыаларыгар революция өрөгөйдөөх пафоһа, дирбиэнэ-дарбаана,тибиилээх-тиһиктээх күннэрэ, бассабыык баартыйа барҕаран тахсыыта, кэхтибэт кэскилбит кэрэлэнэн кэлиитэ ыраах тыа улууһугар,нэһилиэгэр дохсуннук дуораһыйара, ньирилии сатарыыра.Ити ырыалары биһиги партийнай ячейкабыт баһылыктара Н.Н.Окоемов (Чүүччэй), Н.Д.Мигалкин салайаллара, тэбис-тэҥҥэ ыллаһаллара.
Биһиги хас да буолан, оскуола оҕолоро рабочай Матвей Бурнашев диэн ыалга, кыракый дьиэҕэ айахтанан олорорбут. Ойуунускай тылбааһын «Интернационалы” уонна “Балкыырдаах байҕалын” күөрэччи ыллыы олордохпутуна, эмискэ ааммыт тэлэллэ түстэ да, бэргэһэтигэр үрүннээх,түөһүгэр ботуруоннары кэккэлэччи бааммыт, бэрдээҥки саалаах киһи быган көрдө. Көрбүппүт тыа быыһынан аттаах,саалаах дьоннор элэгэччитэн эрэллэр эбит. Иэдээн…үрүннэр кэлбиттэр. Ырыа ыллыыр кэлиэ дуо? Сирэй сирэйбитин көрсө түстүбүт. Ырыабытын В.М.Бурнашева, П.П.Говорова (Шарина) салайаллара. Бурнашева Варвара кыргыттартан бастыҥ ырыаһыппыт этэ. Кэнники иккиэн кинилэр эппиэттээх советскай-партийнай үлэһиттэр буолбуттара.
1926-1927 үөрэх сылларыгар биһиги үгүспүт Якутскайга салгыы үөрэнэ киирбиппит – сорохпут педтехникумҥа, 2-с сүһүөх оскуолаҕа, сорохпут советскай-партийнай оскуолаҕа. Мин ити сыл Ойуунускайдаах Аммосовы аан бастаан харахтаабытым. Тылларын-өстөрүн истибитим. Билиҥҥи Ленин проспегар, оччотооҕу Октябрьскай уулуссаҕа, национальнай клуб дьиэтигэр улахан миитин буолбута. Японскай империализм Китайга Нанкин куораты буомбалаабыта. Ити самолеттарынан көтөн кэлэн, салгынынан сэриилэһии диэн оччоҕо суоҕа.Улахан сонун,уолуйуу этэ. Мин күтүөппүн, куорат байыаннай коменданын С.Н.Лазаровы батыһан ол митиҥҥэ тиийбитим.Уһун киэҥ саала лыык курдук дьонунан туолбут. Миитиҥҥэ дакылаатчыт САССР совнаркомун солбуйааччы председателэ т.Н.Н.Захаренко эбит. Тоҕо эрэ кэлбэтэ.Балачча күүттэрдэ. Мустубут дьон айманна. Эмискэ сыанаҕа көстүүмнээх, хаалтыстаах,кыра,хатыҥыр,хойуу хара баттаҕын хаҥас өттүнэн кэлтэччи тарааммыт,сытыы сирэйдээх-харахтаах, СКСК диэн правительственнай значоктаах киһи сулбу ыстанан таҕыста. Саалаҕа ытыс тыаһа хабылла түстэ. Ойуунускай,Ойуунускай…Платон Алексеевич.. –
дэһэллэр. Онно кини үөрэх уонна доруобуйа народнай комиссара быһыылааҕа. “Дакылаатчыт суоҕун быһыытынан М.К.Аммосовтан көрдөһүөҕүҥ, кини кэпсээтин.”- диэн дьэҥкэ, чуор куолаһынан саҥарда. Дьон буукса, имэҥнирбит курдук, ытыс таһынан хабылыннардылар. Өр- өтөр буолбата. Сцена кэтэҕиттэн кафедра таһыгар Аммосов баар буола түстэ. Саппыкылаах, икки өттүгэр түөһүгэр сиэптээх байыаннайдыҥы толстовкалаах, эмиэ правительственнай значоктаах, орто соҕус уҥуохтаах, үрдүк сүүстээх, өрө анньынар кылгас баттахтаах, үүн тиэрбэһин курдук, киэҥ эрилкэй харахтаах киһи тыл этэн киирэн барда. Нууччалыы: «Нанкин разрушен, Нанкин горит…»-диэн наҕыл соҕустук саҕалаата.(Мин испэр тоҕо «товарищи» диэбэт? Биһиги араатардарбыт тыаҕа мэлдьи «табаарыстаар!» — диэччилэр ээ, диэн дьиибэргии санаатым). Киһибит ытыс саҕа да кумааҕыта суох, трибуна хаҥас кытыытыгар туран, улам – улам уутугар-хаарыгар киирэн, этигэн хомус курдук, этэн-тыынан умайыктанан барда. “Дьэ, дьиҥнээх араатардара диэн итинник эбит буоллаҕа”,- дии санаатым. Күөс быстыҥа холобурдаах буолла, сахсырҕа көтөрө да иһиллиэн курдук, саала иһэ уу-чуумпу…
1929сыл саас Платон Алексеевич Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын директора. «Чолбон» сурунаал «Кыһыл ыллык» диэн аата уларыйбыта. Кини онно кылаабынай редактор этэ. Биһиги Бороҕоҥҥо үөрэнэ сылдьан, С.С.Васильевтыын хоһооннору, кэпсээннэри, драмалары суруйан көрөрбүт.Биллэн туран Ойуунускайдаах сабыдыаллара буолуо.Биирдэ С.А.Саввин-Күн Дьирибинэ ону-маны бооччойбуппун көрөн, мүчүк гынан баран, саҥа аллайда: «Нохоо, мантыкаларгыттан талаҥҥын, «Кыһыл ыллыкка» биэр. Мин Платон Алексеевиһы кытта кэпсэтиэм»,-диэтэ. Мин, кырдьыга, Ойуунускайы көрө-көрөбүн толлорум да бэрт, дьулайарым да бэрт. Ол эрээри санаам батарбата. Биир сарсыарда харса суохпар түһэн, син биир дии санаан, киниэхэ үлэлиир сиригэр тиийдим. Кумааҕыларым сыыһын туппутунан үлэлиир хоһун өҥөйөн көрдүм. Аана аһаҕас, бэйэтэ улахан,түөрт муннуктаах остуолга умса түһэн, тугу эрэ суруйа олорор. Ачыкытын эрэ тааһа кылабачыйар.Мин чугус гына түспүппэр, өрө көрө түстэ. «Тукаам, миэхэ наадалааххын дуо, киир,киир… Ыксыыбын, мунньахха бараары олоробун»- диэтэ. Мичээрдэ: “Хайа, кэһиилээххин дуу, аҕал эрэ ити кумааҕыгын…”. Мин чэпчии түстүм, эрдийдим, улахан баҕайылаах буолан,утары кумааҕыбын ууннум. Ханна үөрэнэрбин, хайа улууспун ыйыталаста. «Элбэхтик эрэйдэммиккин, эрэйэ суох туох да оҥоһуллубат.Чэ, хааллар.Көрүөм.Итэ5эйэр инигин, сүтэриэм суоҕа» -диэт, биллэр- биллибэттик сонньуйа түһээт, ачыкытын быыһынан эйэргиирдии дьээбэлээхтик көрөн кэбистэ. Мин бырастыылаһан тахсарбын кытта, Г.Бястинов – Бэс Дьарааһын утары көрсөн, илиибин ыга тутаат, сулбу хааман киирэн хаалла…
Ити икки ардыгар ый кэриҥэ кэм ааста, быһыыта. Полевой уулусса (билиҥҥи Белинскэй) 18-с нүөмэригэр мин дьиэлэнэр сирбэр, Ефимовтаахха, мин учууталым А.А.Иванов-Күндэ кэлэ сылдьан эттэ: «Платон Алексеевич эн «Кыыча» диэн сэһэҥҥин аахпыт, сэҥээрэр. Тоҕо бара сылдьыбаккын?» — диэтэ. Уонна «Ол дьыллар» диэн пьесата турарыгар билиэт биэрдэ.Үөрүүбэр буолан, мэктиэтигэр,атаҕым сири билбэт буолла. Аҕыйах хоноот, кинигэ издательствотыгар тэбинним. Платон Алексеевич үлэтэ элбэҕиттэн сөхпүтүм. Аны туран, типографияҕа эмиэ директор эбит. Хаһан сынньанан,утуйан, аһаан-сиэн сылдьарын билбэтим. Миигин, төһө эрэ өртөн билэр киһилии, үөрэ-көтө көрүстэ. Илиитигэр бөппүрүөскэлээх. “Хайа бу Ойуунускайдара табаахсыт эбит дуу?”- дии санаатым.Этиэх түргэнэ умуллан эрэр бөппүрүөскэтин быраҕа охсоот, остуолун уҥа өттүгэр турар олоппос диэки ыйда: “Доҕоор, олор эрэ. Бу үчүгэй, Бороҕоҥҥо ону- маны суруйа сатыыр ыччат үөскээн эрэр эбит. “Кыһыл ыллык” 1-кы нүөмэригэр С.Васильев “Арамаан артыала” диэн сонун поэматын кытта бииргэ эн «Кыычан» бэчээттэнэр буолла. Дьэ, о5олоор, кытаатыҥ!” — диэтэ, мүчүк гына-гына. Киирии-тахсыы, киһи-сүөһү бөҕө элбэҕэ бэрт. Мин тоҥхох гынан баран, тахсарга эрэ күһэлинним. Онтон, санаабар, 1930 сыл номнуо кэлэ оҕуста. «Кыһыл ыллык» 1,3,4,5,6,7 №-гэр мин “Кыычам”, “Ньуур уларыйымтыам”, «Күл да күлүүм», «Төрөөбүт айылҕам» П.А.Ойуунускай редакциятынан утуу-субуу бэчээттэммитинэн бардылар. Уус-уран айымньы жюритын председателин, партия обкомун секретара Н.Н.Окоемов ыйыытынан, мин «Кыычам» бастакы бириэмийэни ылла. Оччотооҕуга мин литературнай псевдонимым, хос аатым Уйусхаан диэн этэ.
Ити кэнниттэн П.А.Ойуунускай хас даҕаны дакылаатын истибитим. Олортон биир ССРС биэс сыллаах былаанын кэпсиирэ өйбөр хатанан хаалбыт. КСК салаатыгар (билигин СГУ ректорын дьиэтэ) чоҕуо бастаах чуоҕуйбут этэ. Мин студеммын. Онно биир суолу бэлиэтии өйдөөбүтүм. Киһи бэркиһиэх, Ойуунускай пятилетка үгүс сыыппараларын хоһоонунан (аллитерациянан) үөрэ-дьүөрэ түһэрэн этэрэ. Олус уу сахалыы саҥарара, мэнээк нуучча тылын, биһиги курдук булкуйбат буолара.
1934с. күһүн П.А.Ойуунускайы биһиги Г.У.Гермогеновтыын (Эргис), И.Д.Новгородовтыын Москваҕа түбэһэ түһэн көрсүбүппүт. Ол олус соһуччу этэ.Кыратык ибирдээн ардах түһэ турара. Сокольники парка лиҥкинэс хойуу мастарын быыһынан тугу эрэ сахалыы кэпсэтэ-кэпсэтэ, хааман налыҥнаһан испиппит.Таспытыгар мааны нуучча кыргыттара тэбэнэттээхтик биһиги диэки кылап гына көрө-көрө, хаамсан нусхалдьыһан иһэллэрэ. Оччоҕо күөгэйэр күммүт этэ, тыл бырахса,хаадьылаһа былаастаан кэпсэтэрбит. Эмискэ сахалыы киһи саҥата: «Хайа бу ханнык халлаан бухатыырдара5ытый?»- диэтэ. Көрө түспүппүт: сэлээппэлээх,ачыкылаах,торуоскалаах Былатыаммыт иһэр эбит.Һуу-һаа буоллубут, дорооболоһуу,кэпсэтии-ипсэтии барда.Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр мааҕын бэйэлээх кыргыттарбытын мэлитэн кэбистибит. Платон Алексеевич күлүү-элэк гынна: «Дьокуускай дьорҕоот уолаттара Москва эбэ хотуҥҥа муҥур-соҕур буолар эбиккит дуу?» — дэтэлээтэ.Биһиги тугу да хардарар кыаҕа сох, муннуга оҕустарбыт моҕотой курдук буола түстүбүт. Мэнээк күлсэбит эрэ.Оччоҕо кини ССРС национальностарын институтун аспирантуратыгар үөрэнэ сылдьар кэмэ этэ.
1932сыл, Марха колхозтаах ыччат оскуолата (Ленинскэй-Ньурба оройуона) Партия обкомун секретара Н.Н.Окоемов уонна Амма Аччыгыйа биһиэхэ ыалдьыттаан ааспыттара. Д.П.Афанасьев-Тохоосоп,суруйааччы, Бүлүү кырдьаҕас коммуниһа,партизана, ССРС журналистарын союһун чилиэнэ,П.А.Ойуунускай доҕоро.Кини биһиги иккиэн үс брошюраны,оҕо кинигэлэрин бастакы сериялаан суруйан, бэлэмнээн сытарбытын «ыалдьыттарбытынан» П.А.Ойуунускайга ыыппыппыт. Хомойуох иһин, биһиэнэ биһиэнин курдук, ол үлэлэрбит күнү көрбөтөхтөрө. Өлүү түбэлтэлээх , Якутскай куоратттааҕы эргэ типография умайан хаалбыта. Кыһыы,аба! Хойут,кэмниэ-кэнэҕэс харчыбытын-гонорарбытын Платон Алексеевич төлөппүтэ. Оччотооҕуга Москва биллиилээх суруйааччылара В.Беляев уонна Б.Лунин («Хохочой” поэма автордара) биһиэхэ үс хонон, наар кууруссанан аһылыктанан ааспыттара. Кинилэр Токоосов биһиги туспутунан «Социалистическай Якутия» хаһыакка очерк суруйан бэчээттэтэн барбыттара.1937с. сайын Борис Лунины Москваҕа, библиотекаҕа көрсө түһэн, киниэхэ баран күүлэйдээбиппит. Миигин кытта историческай наука кандидата, сэриигэ өлбүт Никон Романов сылдьыспыта. Онно Ойуунускай суруйууларыттан хас да хоһооннору ааҕан иһитиннэрбиппит. Онно аан бастаан комсомол аатырбыт поэтын А.Безымянскайы көрбүппүт, хоһоонннорун ааҕарын истибиппит. Кини биһиги Платоммутун билэр эбит этэ.
Мин Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педтехникумҥа (билиҥҥитэ училищеҕа) литературнай куруһуогу салайа сылдьан, II Хаҥаласка (Ленинскэй,оччоҕо Мегежекскэй оройуоҥҥа) бастакы колхоз тэриллиитин,ликбез,оскуола аһыллыыларын тустарынан кэпсээннэри суруйбутум. Олорум П.А.Ойуунускай илиитигэр киирбэтэх быһыылаахтар. Үөрэппит оҕом, доҕорум Дьүөгэ Ааныстыырап (Седалищев) этиитинэн, «Кыһыл ыллык» сурунаал архыыбыгар сыталларын көрөн ааспыт этэ.
1935 сыл, Якутскай куорат. Билиҥҥи Пушкин аатынан республикатааҕы научнай бибилиотека актовай саалата. Саха сирин 1-кы языковедческай конференцията буола турар. Республика бары өттүттэн делегаттар бөҕө мустубуттар. Президиумҥа П.М.Певзняк, Н.Н.Окоемов, Х.П.Шараборин, П.А.Ойуунускай, Г.В.Ксенофонтов уо.д.а. олороллор. Платон Алексеевич сахалартан аан бастакы лингвистическай наука кандидата буолан кэлбит. Онно кини, Х.П.Шараборин дакылааттара уонна Н.Степанов марксизи-ленинизм классиктарын үлэлэрин сахалыы тылбаастааһын туһунан иһитиннэриитэ буоллулар. Ойуунускай дакылаата «Саха тыла уонна кини сайдар суоллара» диэн темаҕа анаммыт.Онно элбэх, киэҥ кэпсэтии аһылынна. Сорох сөбүлүүр, сорох утарсар… Биһиги үс буолан- Н.С.Григорьев, Г.У.Эргис уонна мин саха орфографиятын,терминологиятын наһаа тосту уларыппакка,бэйэбит тылбыт фонетическай сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн олохтуурга тыл эттибит. Ону «оҕонньорбут» сөбүлээбэтэ. Сорох доҕотторбут биһигини хаарыйаллар: «Таҥараҕа мастаммыкка дылы Ойуунускайы утараҕыт»- дэһэллэр. Кэмниэ-кэнэҕэс өйдөөтөххө, оччоҕо биһиги сыыспыппыт быһыылаах. Олох атыны көрдөрдө — барыта кини эппитин курдук, билигин саха норуотун тыла-өһө, суруга-бичигэ сайдан, барҕаран иһэр. Манна мин биири бэлиэтии көрбүтүм: 20-с сыллардааҕы Ойуунускай сытыы,уоттаах-төлөннөөх уус-уран тыла-өһө суох, атын киһи, түс-бас сөҥ учуонай Ойуунускай буолбут этэ.Бэл, ол кини тас көрүҥэр биллэрэ. Ол да буоллар, ис дууһата, эйэҕэс — истиҥ сыһыана син уруккутун курдук. Мунньах быыһыгар-ардыгар урукку билэр дьоннорун-сэргэлэрин кытта илии тутуһар, ону-маны бэркэ сэҥээрэн, кэпсэтэр-ипсэтэрэ. “Урааҥхай сахалар” диэн кинигэ автора Г.В.Ксенофонтов саха тыла-өһө социалистическай үйэҕэ хайдах сайдыахтааҕын туһунан дириҥ ис хоһоонноох этиини оҥорбута. Кини тыл-өс сыыйа сайдар закономерноһын аахсыбакка, саха тылыгар революцияны эмискэ онорорго, туох эрэ дэлби тэптэрии курдук саҥарбытын биһиги үгүспүт сөбүлүү истибэтэхпит. П.М.Певзняк председателлии олорон, чуорааны тыаһата-тыаһата, тохтото сатыырын киһитэ истибэт, эппитин кубулуппат. П.А.Ойуунускай ону ачыкытын быыһынан көрүдьүөстээхтик көрө-көрө мичилийэр. Гаврил Васильевич сынньанар кэмҥэ көрүдүөргэ Платон Алексеевиһы «тааттанньаҥ-тааттанньаҥ» диэн элэктиир. Биирдэстэрэ «урааҥхайкаан» диэн хоруйдуур. Биһиги икки ученай сахалар оҕолуу тэбэнэттэнэллэрин истэн, кистээн быарбытын тыыттабыт. Н.Н.Окоемов конференцияҕа сүрүн дакылааты оҥорбут САССР Совнаркомун председателэ Х.П.Шараборинныын «социалистическай куоталаһыы», эбэтэр «социалистическай көҕүтүһүү» диэххэ дуу диэн о.д.а. политическай терминнэри хайдах сахалыы олохтуур туһунан быһаарсаллара. Ойуунускайтан ыйыталлар. Үөрэх наркома И.Н.Жирков онно эмиэ кыттар. Бу дьиҥэ урут Саха сиригэр хаһан да буолбатах культура,тыл-өс, сурук-бичик сайдыытын чааһынан сүҥкэн, киэҥ кэскиллээх мунньах-түмсүү эбит.
Ити кэмҥэ П.А.Ойуунускай туруорсуутунан САССР Совнаркомун иһинэн тылы уонна культураны чинчийэр научнай институт (билиҥҥи Наука Академиятын Саха сиринээҕи филиалын төрүттэниитэ) тэриллибитэ. Онно кини бастакы салайааччы, директор буолбута. Биирдэ Ньукуолун таҥара дьиэтин кэтэҕэр күп-күөх хонуулаах,сэлэлии үүммүт мастардаах аларга мин быраатым аах уруулара буолбута. Киһи-сүөһү балачча мустубут. Онно Платон Алексеевич бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан кэлбитэ. Онно кини олоҥхо сирин-дойдутун, бухатыыр таҥнар таҥаһын, сэбин-сэбиргэлин кэпсээбитэ. Мин кини тус бэйэтэ олоҥхолооһунун аан бастаан истибитим. Этэр тылын, хоһуйар хоһоонун дьүүлүн-дьаабытын билбэт, хааһахтан хостуур курдуга… Билигин санаатахха, хас эмэ уонунан тыһыынча строкалаах аатырар «Ньургун Боотуруттан» быһа тардан, кэпсээбит быһыылаах. Мин кини таһыгар олорон, «ноо» диэччи буолбуппуттан дуоһуйан, астынан, мэктиэтигэр, тэҥҥэ олоҥхолоспут курдук буолбутум. Киниэхэ хардаран биһиги бороҕоттор ааттарыттан Г.П.Бурцевы Мүлдьү Бөҕө ырыатын ыллаппыппыт. Бурцев үөрэхтээх, улахан олоҥхоһут, ырыаһыт киһи этэ. Кини тылыттан Г.В.Ксенофонтов Иркутскайга олорон, Солук Боотуру суруйан бэчээттэппитэ. Ойуунускай биһиги киһибитин бэркэ диэн кэрэхсээн истэн хайҕаабыта, бэйэтин дьиэтигэр ыҥырбыта.
Мин 1926-1930 сыллардаахха педтехникумҥа да, 2-с сүһүөх орто оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, «Саха омук» кулуубугар мунньахтарга үгүстүк көрөрүм, этиитин истэрим. Омос билбэт-көрбөт киһи көрүүтүгэр хайдах эрэ тос курдук тоҥкуруун соҕуһа. Аҥардас кини кэлтэччи аатырарын истэ-истэ, оҕотук эдэр киһи толло көрөрө. Төһө да кыра хатыҥыр, чуочайбыт-чаачайбыт да буоллар, киһи сүрүн-кутун баттыыра. «Школьный маяк» диэн куорат араас оскуолаларын үөрэнээччилэрин литературнай куруһуога баара. Онно биһиги ардыгар түмсэн, «Ленинец» кооператив таһаарбыт «Ырыа-хоһоон» диэн Ойуунускай кыракый кинигэтиттэн «Крым”, “Муора”, “Мимоза”, “Сүөкүччэҕэ”, “Куоттарбыт кутурҕана” диэн хоһооннорун таптаан, умсугуйан ааҕарбыт. 1927 с. кыһын Якутскай уокурук сьеһа буолбута. П.А.Ойуунускай дакылаат оҥорбута. Онно Бороҕон улууһуттан тоҕо эрэ биһигини, студеннары С.С.Васильевы, Н.Н.Бурцевы, миигин делегатынан талбыттар этэ. Оччоттон чобуобут, араатарбыт поэт Сергей Васильев тыа сиригэр оттуур ходуһалары күрүөлүүр туһунан тыл эппитэ. Ону Ойуунускай түмүк тылыгар хайҕаан бэлиэтээн ааспыта. Мунньах Национальнай кулууп дьиэтигэр буолбута. “Миигинниин биэс хааһах” диэбиккэ дылы, мин эмиэ дьоҥҥо көҕүйэн, тыл этээри үнүөхтээбитим. “Үгүс киһи эттэ, кэпсэтиигэ суруттарыы сабыллар”,-диэн этиппэтилэр. Өрө күүрбүт куударалаах баттахтаах, кыһыл көмүс ачыкылаах, лэс курдук хап-хара киһи председателлиир этэ. Мин ол киһиэхэ тыл биэрбэтэҕэр кыһыйа, абара санаабытым. Хойут биллэххэ, ол А.Ф.Бояров эбит.
Ити саҕана 2-с сүһүөх оскуола литературнай сурунаалыгар хас да кэпсээни, биир «Мохсоҕол өлүүтэ» диэн хоһоону таһаартарбытым. Ол хоһооммун устан, санаабар, балачча чочуйа, устуруустуу түһэн баран, П.А.Ойуунускайга, баҕар, бэчээттээрэй диэн үҥүлүтэ сатаабытым. Онуоха ааҕан көрөн баран, адаархай бөдөҥ буочарынан хоһооммор туора бачыгыраччы суруйбут: «Тылыҥ-өһүҥ хомоҕой, атынна суруй, мантыкаҥ М.Горькой «Мохсоҕолугар» маарыынныыр быһыылаах», — диэн. Бука, оннуга буолуо. Оччо5о Горькайынан үлүһүйэ сылдьар кэмим этэ.
Кэнники 1935с. ити билиҥҥи Белинскай уулууссаҕа А.И.Софронов өлөр охтуутун охто сыттаҕына, суруйааччы Николай Габышевтаах оччоҕо миэхэ үөрэнэллэрэ, олору илдьэ, бырастыыналаһыннара бара сылдьарбыт. Онно мин Ойуунускайы хаста да көрбүтүм. «Чэ, бу үчүгэй. Алампабытыгар кэлэ сылдьаргыт, киһибит куһаҕан, аралдьытыҥ»- диирэ.
1937с. кыһын Саха сирин общественноһа, үлэһиттэрэ киэҥник, куоратынан-тыанан Платон Алексеевич 20 сыллаах общественнай-литературнай үлэтин юбилейын атаарбыта. Үөрүүлээх правительственнай биэчэр Саха национальнай театрын дьиэтигэр буолбута. Миэхэ билиэт ыыппыттарыгар художник П.П.Романов, поэт И.Д.Чаҕылҕан буолан, үһүөн аргыстаһан, бииргэ бара сылдьыбыппыт.Биэчэр быыһыгар көрсөн, илиитин тутан эҕэрдэлээбиппит. Сүргэтэ улаханнык көтөҕүллүбүт, үөрбүт-көппүт этэ.
Ити кэмҥэ мин Якутскайдааҕы педтехникумҥа учууталлыырым. Биһиги эмиэ туспа буруо таһаараммыт П.А.Ойуунускай юбилейын үөрэн-көтөн атаарбыппыт. Миигин С.С.Сюльскай модьуйан, юбилейнай комиссия председателинэн анаабыттара.Мин,уруккуттан Ойуунускайы сирэй билэр-көрөр киһи быһыытынан,кини мэтириэтин сакаастаары , олорор дьиэтигэр хаартыскатын уларса барбытым. Оччоҕо Ворошилов уулуссатыгар, билиҥҥи кини аатынан Литературнай музей буолан турар дьиэҕэ олороро. Мин киниэхэ тиийдим. Ити кини уораҕайын аанын бастакы аһыым этэ. Төһө да кинини биллэрбин, толло-толло киирдим, тугу кэпсэтэрбин аара толкуйдуу-толкуйдуу кэллим. Киирбитим — кэргэнэ Акулина Николаевна,Чурапчы Саввиннар кыыстара, дьиэтин бэйэтэ сууйа сылдьар. Дорооболоһорбун кытта, иһирдьэ хоско киллэрдэ. Көрбүтүм: Платон Алексеевич саала5а аһыыр улахан, түөрт атахтаах остуолугар халыҥ тэтэрээккэ тугу эрэ суруйа олорор. Сардааналаах Саргылааната үлэлэтиэх да кыах биэриэх айылаах буолбатахтар: биирдэстэрэ ньилбэгэр көтөтөхтөрбүт, биирдэрэ моонньуттан кууспут. Аҕалара кумаардаан да көрбөт, суруйбутун кубулуппакка, суруйан сурдурҕата олорор. Миигин көрөн, чөрбөс гынаат, мичээрдээтэ уонна: “Олор, буор балаҕаннаах Бороҕон уола, сугуннаах Суотту ыччата, кэпсээ-сэһэргээ!”-диэтэ. Мин кэлбит наадабын эттим. Онуоха этажеркаҕа баар халыҥ соҕус альбому ылан, бастакы кэргэнин, Сүөкүччэни кытта бииргэ түспүт хаартыскатын уунна. “Бу биир баар-суох, кэриэс-хомуруос суос-со5отох хаартыскам.Эн буолан,биэрэбин. Киртитимэҥ теннереер.Ол художник табаарыстар марай соҕус дьоннор буолуохтара, кырааскаларынан лабайдаайаллар?”-диэтэ. Эбиэттээри олордохторуна түбэстим быһыылаах.Тохтотто…
Түҥ-таҥ түһэн, түүннэри-күннэри утуйбакка бэлэмнэнэн, юбилейнай биэчэрбитин, дьэ, оҥордубут. Дзержинскай уулуссаҕа, билигин педучилище таас дьиэлэрнн олбуорун иһигэр турар мэндиэмэннээх эргэ мас дьиэҕэ мунньуһуннубут. Бииргэ үөрэммит доҕорум Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа дьукааҕын Марфа Афанасьевнаны илдьэ кэлбит. “Миэхэ биир эрэ билиэти ыытаҕын”,-дии-дии киһим мөҕөн кириэтээ да кириэтээ буолла. “Билиэт тиийбэт”,-диирбин истиэн да баҕарбат. Платон Алексеевич күндү маҕан былаат бүрүммүт Акулина Николаевналыын иһэллэрин көрөн, ах бардыбыт.
Ойуунускай айар үлэтин туһунан Н.М.Заболоцкай, барыбытын астыннарар дьоһуннаах дакылааты оҥордо,тыл этиилэр,эҕэрдэлэр, концерт буоллулар. Мин түмүктээн,кутурук көтөҕүүтэ диэн тыл эттим. Оччоҕо биһиэхэ үөрэнэ сылдьар Г.Р.Кардашевскай «Кыһыл кыһа» диэн студеннар литературнай куруһуоктара таһаарар сурунаалларын юбилярга туттарда. Бэркэ “оҕонньорбут” үөрдэ. Күндүлээн, аһаан-сиэн баран, Платон Алексеевиһы кэргэнинээн дьиэлэригэр тиэртибит. Хайы-үйэ халлаан суһуктуйа сырдаан барда, эрдэһит куорат ыаллара туран эрэллэр. Ойуунускай саһыл тыһа бэргэһэлээх, уу буобурата саҕалаах сонноох. Мэктиэтигэр, киһибит киэркэйбиккэ, уҥуоҕунан үрдээбиккэ дылы буолбут. Ол биэчэргэ кини олус өрө көтөҕүллэн, өрөйөн-чөрөйөн, кэрэ-чуор куолаһынан саҥа суруйбут «Александр Македонскай» диэн кэпсээнин аахпыта. Ол биһиги кини илэ бэйэтинэн бэйэтин суруйуутун ааҕыытын тиһэх,бүтэһик истиибит этэ…
1939 с. мин кини чинчийэр научнай институтугар тыл уонна сурук-бичик секторын сэбиэдиссэйинэн үлэлиирим. С.Малов, Е.Убрятова профессордар көмөлөрүнэн, билҥҥи саха алфавитын, орфографиятын, терминологиятын оҥорорбут. Улахан түбүктээх,сындалҕаннаах күннэр, дьыллар этилэр. Оччоҕо Платон Алексеевич кэргэнэ Акулина Николаевна биһиэхэ техническай секретарынан үлэлиирэ.
П.А.Ойуунускайы 1939с. көмүс уҥуоҕун көтөҕөн көмпүппүт…кини ити сыл, алтынньы 31 күнүгэр күн сириттэн сүппүтэ. Саха сирин кыыдааннаах кыһынын аргыара аҥалыйан, тыына тыйыһыран турар түүнэ этэ.
Мин, кини доҕоро, уһун сыллар усталарыгар Саха Киин Ситэриилээх Комитетыгар бииргэ үлэлэспит И.И.Говоров (Касьян) ахтыытын өйдөөн кэлбитим. Арай биир сарсыарда кабинетыгар киирэн кэлбитэ, Былатыан остуолугар умуллубут бөппүрүөскэ тобохторо күл иһитигэр сыталлар үһү. Бэйэтэ хаҥас харатын чөнөрүйэн көстүөр диэри бөппүрүөскэни умата-умата, сиэтэр эбит. “Хайа, бу тугуй?”- диэбитигэр, — “Иирбит Ньукуус курдук, бандиттар миигин уматар күннэрэ кэллэ5инэ, этим-хааным төһө тулуйууһу диэн холонон көрө олоробун” – диэбит. Тоҕо ынырыгай?
1938 сыл күһүн Иркутскай куорат, Ленин уулуссата, хас да мэндиэмэннээх аан төгүрүк гостиница дьиэ. Пединститут омук тылларын үөрэтэр факультет студена, эдэр суруйааччы Л.А.Докторов П.А.Ойуунускайы ол гостиница рестораныттан тутан, хаайбыттарын кэпсээбитэ. ССРС Верховнай Советын сессиятыттан хас да буолан, Якутскайга төннөн испиттэрэ. Онно кини сиэбиттэн браунин сулбу таһыйан ылан, утарсаары гыммытын, С.М.Аржаков илиититтэн эмискэ харбаан ылан тохтоппут. М.И.Калинин хаайарга көҥүлүн көрдөөбүт үһү. Ол көҥүл , быһыыта, суох эбит. Иэдээн?! Кэнники өстөөхтөр сымыйа тылы тарҕаппыттара: «Ойуунускай Иркутскайтан Япония5а күрээри турарын самолеттан туппуттар үһү»- диэн. Бу алдьархайы! Кырдьык бөҕө кыһыл көмүстээҕэр ордук, кырдьыгы сымыйа кыайбат, сыа үрдүгэр уу дагдайбат. Биһиги Платоммут албан аата советскай Саха сирин үс орденнаах знамятыгар үйэ-саас тухары кыһыл көмүс буукубаларынан сурулунна.Чиэс, хайҕал буоллун Ленин улуу Коммунистическай партиятыгар.
play youtube,
Brazzer,
xhamster,
xvideos,
hentai,
porn,
tiktok download,
MP3 download,
Download Mp3,
,
Panthers Georgia,
sex mex,
mp3play,