• 03.1879 с. Байаҕантай улууһугар I Байаҕантай нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэҥҥэ төрөөбүтэ,
  • 1899 с. Кууһума Калининскай кулуба өһөөн балтараа сылга Якутскай түрмэтигэр хаайыыга олорбута,
  • 1902 с. Хаайыыттан тахсан Байаҕантай, Өлүөхүмэ, Бодойбо баайдарыгар хамначчытынан улэлээбитэ.
  • 1905 с. Тандаҕа олорор политсыылынайдары Ешконы, Орловскайы, Алымовы уо.д.а. кытта билсибитэ.
  • 1914 с. Оччотооҕу тутулга эрэлэ суох киһи буолан алта сылга болдьохтоох түрмэ хаайыллыбыта.
  • 1917 с. Якутскайга олунньутааҕы революция кыайыытын кэннитэн түрмэ хаайыытыттан босхоломмута.
  • 1918 с. бэс ыйыгар Якутскайга Рыдзинскай А.С. экспедиционнай этэрээтигэр байыаһынан киирбитэ.
  • 1918 с. от ыйыгар Советскай былаас политикатын нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр соруктаах Байаҕантай улууһугар командировкаҕа тахсыбыта.
  • 1919 с. бэс ыйын 1 күнэ. Тоһуурга түбэһэн тутуллар уонна Дьокуускайга атаарыллан иһэн Дараҕа үрэҕин «Манчаарылаах» ыалларын тэлгэһэтиттэн милиционер Винокуровтан куотар.
  • 1920 тохсунньу ый. Колчак былааһа сууллубутун кэннэ Дьокуускайга киирэн куорат гарнизонугар байыаһынан сулууспалыыр.
  • 1920 с. сайын. Верхоянскайга бастаан милиционерынан, онтон Веохоянскайдааҕы волревком инструкторынан  үлэлээбитэ.
  • 1920 с. сэтинньи. Танда потребкооперациятын тэрийсибитэ.
  • 1921 — 1922 сс. Колчак армиятын офицера Коробейников этэрээтин үлтүрүтүүгэ кыттыбыта.

     Аммаҕа «Хоҥкоойуку» үрүйэтигэр буолбут сэриигэ хаҥас илиитигэр бааһырбыта. Эдьигээн волоһыгар Калугин үрүҥ баандатын үлтүрүтүүгэ кыттыбыта. Верхоянскай аатырбыт бандьыытын Кондаковы туппута.Гражданскай сэрии историятыгар Саха сиригэр киэҥник биллэр «Харыйалаах», «Тулагы» кыргыһыыларыгар хорсун сэрииһитинэн биллибитэ. Г.В.Егоров бу сылларга 13 төгүл кыргыһыыга кыттыбыта. 

  • 1923 с. олунньу 21 күнэ. Пепеляев бандатын утары тэриллибит 439 киһилээх туспа аналлаах чаас (ЧОН) батальонугар мобилизацияланан Якутскайтан хоҥнубуттара.
  • 1923 с. кулун тутар 2 күнэ. Амма Слободатын босхолооһуҥҥа геройдуу быһыыны көрдөрбүтүн иһин «Кыһыл Знамя» орденыгар наҕараадаҕа түһэриллибитэ.
  • 1923 с. муус устар. I Байаҕантай нэһилиэгэр тахсан уобаластааҕы тэрилтэлэр сорудахтарынан улуустарга, нэһилиэктэргэ араас хаһаайыстыбаннай, политическай суолталаах боппуруостарга тэрийэр, өйдөтөр үлэни ыыппыта.
  • 1925 с. муус устар 27 күнэ. Амманы босхолооһуҥҥа геройдуу быһыытын иһин «Кыһыл Знамя» орденынан (№11556) уонна винчестер саанан (№9921442) наҕаараадаламмыта.
  • 1927 с. I Байаҕантай нэһилиэгэр «Ыраас олох» обществота тэриллибитэ, председателинэн Г.В. Егоров талыллыбыта.
  • 1927 с. күһүн. Якутскай куоракка ыҥырыллан аатырбат командир И.Я. Строд этэрээтин байыаһа буолбута. Бу этэрээккэ сылдьан өрүс илин эҥэринээҕи улуустарга өрө турбут бандьыыттар тобохторун букатыннаахтык эһиигэ активнайдык кыттыбыта.
  • 1927 с. төрөөбүт нэһилиэгэр тахсан оскуолалары тутуу боппуруоһунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Урут тутуллан иһэн сэрии мэһэйдээн бүппэтэх Танда сэттэ кылаастаах оскуолатын ситэттэрэр үлэни ыыппыта.
  • 1928 с. Коммунистическай партия чилиэнинэн киирбитэ. Тандинскай нэһилиэгэр партийнай ячейка боломуочунайынан ананан сир үллэһигин ыытыспыта.
  • 1928-1938 сс. Тандинскай нэһилиэгин советын чилиэнэ.
  • 1928 с. күһүн. Танда сэттэ кылаастаах оскуолата үлэҕэ киирбитэ. Г.В. Егоров туруорсуутунан Саха АССР КСК VI ыҥырыылаах II сессиятын уурааҕынан Танда сэттэ кылаастаах оскуолатыгар Яков Михайлович Свердлов аата иҥэриллибитэ.
  • 1929-1934 сс. ЯЦИК чилиэнэ.

 —  1930 с. I Байаҕантай нэһилиэгэр «Кэскил» диэн колхоһу тэрийсэн аан бастакынан чилиэнинэн киирбитэ.

 —  1930 с. Москваҕа сылдьан ССРС Киин Ситэриилээх Комитетын председателигэр М.И Калиниҥҥа, Үөрэх народнай комиссарыгар А.С. Бубновка, кини солбуйааччытыгар Н.К. Крупскаяҕа, Доруобуйа харыстабылын Наркомугар Н.А. Семашкоҕа, ЫБСЛКС КК секретарыгар А.В. Косаревка сирэй сылдьан кэпсэппитэ. Ити түмүгэр Танда уонна Курбуһах оскуолаларын тутуутугар 200 тыһ. солкуобай харчыны эбии анатан ылбыта.

         Г.В. Егоров культармеец быһыытынан Уус Алдан, Нам, Чурапчы, Таатта, Кэбээйи оройуоннарыгар оскуола тутуутун таһынан, эмп тэрилтэлэрин туттарыыга улаххан үлэни ыыппыта.

  • 1931 с. 80 оҕоҕо ананан тутуллубут Танда оскуолатын интернат дьиэтэ тутуллан бүппүтэ.
  • 1931 с. күһүн. Уус Алдан оройуонугар 150 оҕо үөрэнэр Курбуһах сэттэ кылаастаах оскуолата, Нам оройуонугар II Хомустаахха 60 оҕо үөрэнэр начальнай оскуолата аһыллыбыттара.
  • 1932 с. Таатта оройуонугар Хара-Алдан, Уус Алдан оройуонугар Бээрийэҕэ начальнай оскуолалар аһыллан үөрэх-иитии үлэтин аан бастаан саҕалаабыттара.
  • 1929-1934 сс. Бүтүн Саха сиринээҕи Советтар Киин Ситэриилээх комитетын чилиэнинэн үлэлээбитэ.
  • 1932 с. бэс ыйа. Саха АССР тэриллибитэ 10 сылын туолар юбилейыгар Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын президиума Г.В. Егоровы Саха сиригэр үрүҥ баандалары утары охсуһууга уонна культурнай фроҥҥа уһулуччулаах үтүөлэрин иһин Бочуотунай Грамотанан наҕараадалаабыта уонна харчынан бириэмийэлээбитэ. Сахаттан бастакынан «Норуот Үөрэҕириитин туйгуна» ааты ылбыта.
  • 1932 с. бэс ыйа. Танда бастакы сэттэ кылаастаах оскуолата дэҥ туттаран умайан хаалбыта. I. II Байаҕантай, Тандинскай, I, II Курбуһах нэһилиэктэрин дьонун ыҥыран мунньах тэрийбитэ. Умайбыт оскуола оннугар саҥа икки улахан оскуоланы тутарга быһаарбыттара.
  • 1933 с. сэтинньи 7 күнэ. Улуу Октябрь ХVI сылын туолуутун бырааһынньыгар саҥа оскуола аһыллыбыта. Маны таһынан, Тандаҕа оскуола уопсайын, баанньык дьиэни, Курбуһахха оҕолор олорор уопсайдарын, Чурапчыга Бахсы нэһилиэгэр 5 куойкалаах эмп пуунун туттарбыта.
  • 1935 с. Г.В. Егоровы Саха АССР Үөрэҕин Наркома үөрэх, культурнай олох өссө ситэ тэнийэ илик сиригэр Кэбээйи оройуонугар ыыппыта. Онно кылгас кэм иһигэр оройуон киинигэр сэттэ кылаастаах оскуола дьиэни, 10 куойкалаах балыыһаны, сибээс дьиэтин туттарбыта.
  • 1936 с. Бороҕон бөһүөлэгэр икки этээстээх Мүрү сэттэ кылаастаах оскуолатын туттарбыта.
  • 1936 с. Нам оройуонугар Таастаахха оскуола туттарбыта.
  • 1930-1942 сс. Кэбээйи оройуонун Советын депутатынан талыллан үлэлээбитэ.
  • 1941 с. от ыйын 7 күнэ. 62 саастаах кыһыл партизан Г.В. Егоров Кыһыл Армия кэккэтигэр барарга тылланан Якутскай куорат военкоматыгар көрдөһүү киллэрбитэ. Онно кырдьаҕас, ыалдьа сылдьар Г.В. Егоров көрдөһүүтүн ылымматахтара.
  • 1942 с. кыһын. Дойдутугар Якутскайтан командировкаҕа тахса сылдьыбыта. Онно кини Курбуһах, Танда, Түүлээх, Бээрийэ оскуолаларыгар кэлэр үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии үлэни ыыттарбыта.
  • 1942 с. кулун тутар 19 күнэ. Таб. Егоров үөрэх-иитии үлэтигэр улахан кыһамньылаах үлэтин бэлиэтээн Саха АССР Үөрэҕин Наркома Махталы биллэрбитэ.
  • 1942 с. муус устар саҥата. Г.В. Егоров кылгас кэмҥэ ыалдьан Дьокуускай куоракка сырдык тыына быстыбыта.

 

От

Добавить комментарий

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.