Сэтинньи сэттис күнүгэр Улуу Өктөөп бырааһынньыгынан, ЫБСЛКС 100 сылын бэлиэтии «Эн — ол көлүөнэ сорҕотоҕун» диэн бырайыагынан, улууспут нэһилиэктэриттэн (Тулуна, Танда, Хоро, Мүрү) комсомол ветераннара уонна КПРФ партия чилиэннэрэ муһуннулар.

      Тэрээһиҥҥэ мустубут ветераннар өбүгэ дьиэтигэр төгүрүк остуол тула олорон, сэбиэскэй кэминээҕи бэйэлэрин эдэр саастарын, үлэлээн ааспыт кэмнэрин ахтыстылар  уонна билиҥҥи кэмҥэ ыччакка биир инникигэ сирдиир идеология баар буолуута наадалааҕын Борисова М.С., Федоров С.К., Оллонов Н.Н., о.д.а. бэлиэтээтилэр. 1950-с сыллардаахха РАЙКОМ 1 сэкэрэтээринэн үлэлээбит Жирков И.И. кыргыттара Зинаида, Ольга Ивановналар «Аҕабыт туһунан иһирэх тыл» уонна Тулунаттан Васильева М.Е. кэргэнин аатын үйэтитэн «Сэмэнчикпин хайгыыбын» диэн таһааттарбыт кинигэлэрин музей фондатыгар туттардылар. Ону таһынан саха сирин комсомола 100 сылын көрсө музей иһинэн тэриллибит «100 сылга — 100 ахтыы» акцияҕа, комсомол ветерана Сыроватская Е.Н. 46 ахтыыны киллэрэн акцияны саҕалаата.

      Ыалдьыттарбыт музейга эксурсияҕа сылдьан, комсомол 100 сылыгар анаан туруоруллубут экспозицияҕа хаартыскаҕа түһэн тута илиилэригэр тутан, викторинаҕа кыттан, урукку кэм ырыаларын ыллаан-туойан,  үөрэн-көтөн, сэргэхсийэн тарҕастылар.

От admin

Добавить комментарий

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.