Бу үүммүт сылга биһиги биир дойдулаахпыт, историческай наука кандидата Петров Дмитрий Дмитриевич саха саллааттарын үйэтитиигэ биир бастакынан бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбит дьоһун киһи буолар.
Петров Дмитрий Дмитриевич 1921 сыллаахха сэтинньи 8 күнүгэр Уус-Алдан оройуонун Баатаҕай нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Аҕата эрдэ өлөн тулаайах аҥардаах улааппыта, ийэтэ Нам сиригэр көһөн киирбитигэр, аҕатын аймахтара аччыгый уолу арааран дойдутугар илдьэ хаалбыттара.
Онон оҕо сааһыгар, аҕаларын аймахтарын кытта эҥэрдэһэн улааппыта.
Онон кини ийэ аҕа тапталын, сылааһын билбэккэ улааппыт киһи буолар. Оччотооҕу оҕо сиэринэн ,улахан дьону кытта окко маска тэҥҥэ үлэлэһэн киһи бэрдэ буолан сириэдийэн тахсыбыта.
Оччотооҕу чугас дьоно ахталларынан оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар умсугуйан туран үөрэммитэ, аан дойду уонна классик суруйааччылар айымньыларын биэс тарбах курдук билэрэ.
Манна даҕатан эттэххэ нуучча уһулуччулаах поэтын Пушкин «Евгений Онегин” айымньытын нойосуус билэрэ.
Ол курдук Баатаҕайтан биир көс ыраах турар, Чараҥай сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, үөрэххэ баҕалаах уол Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа үөрэнэ киирбитэ.
Киирбит үөрэҕэр ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, учуутал идэтин ылан, төрөөбүт уонна улааппыт сиригэр Чараҥайыгар учууталлыы тахсыбыта.
Ол кэнниттэн салайар үлэҕэ дьоҕурдааҕын көрөннөр, сэрии саҕаланыытыгар Курбуһах оскуолатыгар үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, онтон директорынан үлэлэппиттэрэ.
Сэрии саҕаламмытын кэннэ бэбиэскэ кэлэн, аармыйаҕа ыҥырыллан баран, доруобуйатын туруга эппиэттээбэт буолан сэриигэ барбатаҕа.
Үүнэн иһэр эдэр кэскиллээх учууталы аны Найахы оскуолатын директорынан анаабыттара.
Бу оскуолаҕа үлэлиир сылларыгар 1946 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединститут история салаатыгар кэтэхтэн отделениятыгар үөрэнэ киирбитэ. Бэрт кылгас болдьоххо үөрэнэн бүтэрэн баран, олоҕун науканы кытта сибээстииргэ быһаарыммыта.
Ол курдук кини ССРС Наукатын Академиятын Дьокуускайдааҕы базатыгар аспирантураҕа үөрэнэ киирбитэ.
Ол курдук ССРС Наукатын академиятын Дьокуускайдааҕы салаатыгар лаборант дуоһунаһыттан саҕалаан, старшай научнай сотрудник дуоһунаһыгар тиийэ үүммүтэ.
1958 сыллаахха Москва куоракка, сэрии тематыгар сыһыаннаах «Колхозное крестьянство Якутии в годы Великой Отечественной войны» диэн теманы, диссертационнай комиссияҕа, кандидатскай үлэтин ситиһиилээхтик көмүскээн ученай степенын ылары ситиспитэ.
Дьэ мантан ыла кини научнай чинчийэр үлэҕэ төбөтүн оройунан түспүтэ.
Ол курдук кини олоҕун устатын тухары Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ кыттыбыт буойуннар олохторун чинчийии, уонна ирдэһии үлэтэ этэ.
Кини соҕуруу куораттарга элбэх байыаннай архивтарга үлэлээн, сэриигэ кыттыспыт элбэх маршаллартан уонна генераллартан ахтыы хомуйбута.
Ол курдук элбэх байыаннай темаҕа аналлаах кинигэлэри таһаартаабыта; икки чаастаах “Якутия в годы войны”, Якутяне в боях с немецко-фашисткими захватчиками “, “Якутия в годы войны”. Трудящиеся в тылу”, 3 томнаах “Вклад народов Якутии в дело Победы”, “Фронтовая печать о войнах из Якутии”, “Вспоминают ветераны”, “Письма солдат”.
Ону таһынан бэрт элбэх сэриигэ сыһыаннаах научнай үлэни суруйбута.
Биһиги ученайбыт, бу үлэлэрин маршал Баграмян үрдүктүк сыаналаабыта, кини оннооҕор ол кэмҥэ армян омукка, сэрии дьыалатынан дьарыктанар ученайдар суохтар диэн муҥатыйбыта баар суол.
Биһиги оччотооҕү чиновниктарбыт, кини үлэтин-хамнаһын энин араастаан атахтыы сатаабыттара оччотооҕу дьон ахтыытыгар суруллан турар.
Ол саҕана, аҥардас биһиги дьоммут сэриилэспиттэрин киэҥ эйгэҕэ таһааран кэпсиир соччо биһирэммэт этэ.
Кини соҕуруу куораттарга баар, оборона архивтарыгар үлэлиир кэмигэр, элбэх саха биир сиргэ түмсэн сэриилэспит ротатын, эбэтэр батальонын булар соругу туруоруммута.
Бу дьиҥинэн сүрдээх уустук дьыала этэ, тоҕо диэтэргин кылгас соҕус командировка кэмигэр элбэх фонданы көрөр сүрдээх ыарахан этэ, ол да буоллар Новгород сиригэр хайыһар десаныгар 597 саха кыттыыны ылбытын туоһулуур докумуону булан, Ильмен күөл кыргыһыытыгар кыттыбыт уонна сураҕа суох сүппүт өлбүт буойуннар испииһэктэрин чуолкайдаан дьон билиитигэр таһаарбыт улахан өҥөлөөх.
Кини быһаччы кыһамньытынан 1968 сыллаахха Саха АССР Верховнай Сэбиэтигэр туруорсан Ильмен күөлгэ өлбүт буойуннарга пааматынньык, Кашира куоракка монумент, Калугаҕа обелиск туруортарбыта.
Бу оҥоһуллубут памятниктары кини Новгородскай уобалас обкомын уонна олохтоох Сэбиэттэри кытта сүбэлэһэн сүүрэн көтөн оҥотторбута.
Биһиги историяттан билэрбитинэн Сталинградскай кыргыһыы кэнниттэн, улахан кыргыһыылар Харьков Ржев куораттары босхолооһуҥҥа буолбута.
Бу байыаннай операциялар көтүмэхтик былааннаммыттарын түмүгэр бэрт элбэх сиэртибэлээх кыргыһыылар буолбуттара.
Сэбиэскэй историография оччотооҕу кэмҥэ бу байыаннай операциялары киэҥ араҥаҕа улаханнык сырдаппатаҕа.
Биһиги ученайбыт Харьковскайдааҕы операцияҕа кыттыбыт саха буойуннарын, чуолаан Харьков куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыт саха буойуннарын чуолкайдааһыҥҥа элбэх үлэни ыыппыта, ол курдук 600-кэ чугаһыыр буойун Саха сириттэн кыттыбыта чуолкайдаммыта.
Куорат иһигэр кыргыһыыга бэрт элбэх саха буойуна сураҕа суох сүппүтэ дакаастаммыта, бу кыргыһыыга элбэх саха хорсуннук сэриилэспитэ, чугуйуу кэмигэр кыайан донесенияларга, уонна докумуоннарга кыайан киирбэккэ хаалан наҕараадаҕа тиксибит олох ахсааннаах этэ.
Дьэ ити курдук ол саҕана, элбэх байыаннай архивтар матырыйааллара үөрэтиллэн, чинчийиигэ бастакы олугу уурбут биһиги биир дойдулаахпыт Петров Д.Д. буолар.
Ол гынан баран билигин даҕаны бу Харьков, Ржевско-Вяземскай операциятыгар кыттыбыт буойуннар ааттара ситэ чинчиллэ илик.
Бу билигин Харьков куората Украинаҕа баар буолан, онно хараллан сытар архивнай докумуоннары чинчийэр сүрдээхтик уустугуран турар.
Маны таһынан сахалар 1943 сыллаахха Донбасс босхолонооһугар 4-гвардейскай механизированнай бригадаҕа 183 саха кыргыһыыга киирсибиттэрэ чуолкайдаммыта, бу балартан аҥардарын кэриэтэ Уус-Алдантан сылдьар буойуннар буолаллара дакаастаммыта.
Кини тус бэйэтин билэр дьоно, бу кыргыһыыга охтубуттарын булбут буолуохтаах диэн уолун ахтыытыгар баар, бу кыргыһыы сайын ортотугар от ыйын 23 күнүгэр буолбут буолан, элбэх буойун хантан сылдьаллара кыайан дакаастаммакка хаалбыта.
Ити иннинэ биһиги буойуттарбыт эмиэ Донбасс хайысхатынан Степановка диэн дэриэбинэни босхолооһуҥҥа СС гренадердарын кытта рукопашнай киирсиилээх кыргыһыыга кыттыбыттара.
Бу кыргыһыыга элбэх саха буойуттара хорсуннук сэриилэспиттэрин архивтан булан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта.
Дьэ ити курдук сахалар соҕуруу Донбасс босхолонуутугар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ көмүс буукубанан историяҕа суруллан хааллаҕа.
Маны таһынан ССРС оборонатын министерствотыгар, уонна военкоматтар архивтарыгар сытар матырыйааллары үөрэтэн, чинчийэн саха чулуу буойуннарыгар В.Д. Лонгиновка, Н.А. Кондаковка, А.А. Мироновка, Н.С. Степановка, М.М. Стрекаловскайга Герой үрдүк аатын иҥэриллиилэрин ситиспитэ.
Бу суруйбут научнай үлэлэрэ практическай суолталаах этэ, ол курдук сураҕа суох сүппүт элбэх буойуннар ааттара чөлүгэр түһэллэригэр элбэх болҕомтону уурбута. Ити курдук сэрии кэнниттэн сахалартан аан бастакынан, Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт буойуннар ааттарын үйэтитиигэ бэйэтин сөҕүмэр кылаатын киллэрбит киһинэн буолар.
Бу манна даҕатан эттэххэ, кыра омуктартан аан бастаан, сэриигэ кыттыбыт дьону киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга элбэх үлэни оҥорбутун, атын омук дьоно тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэрэ. Кини гражданскай историк да буоллар, байыаннай дьыаланы билэрин, соҕуруу дойду специалистара сөҕөллөрө уонна махтайаллара. Саха сирин Верховнай Сэбиэтэ оччолорго Петров Дмитрий Дмитриевич сахатын норуотугар оҥорбут үтүөтүн-өҥөтүн өйдөөн, правительственнай наҕараадаларынан бэлиэтээбитэ.
Төрөөбүт үөскээбит дойдутугар Кыайыы болуоссатыгар кини аатын мемориальнай дуоска үйэтитэр. Кэлэр кэнчээри ыччатарбыт кини аатынан киэн тутуохтара.
Бороҕоннооҕү түмэл сотруднига Сивцев Александр.