Пухов Иннокентий Васильевич 1904 сыллаахха кулун тутар 12 күнүгэр Бороҕон улууһун Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт.

1923 сыллаахха Байкалов К. К., Якутскай уобалас уонна хотугу кыраай хамандьыырын ситимнээччинэн сылдьыбыт, Саһыл Сыһыыны босхолооһуҥҥа кыттыбыт.

1926 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Педтехникуму бүтэрбит уонна Иркутскайдааҕы универститека киирбит.

1930-1936 сс. — Педтехникум преподавателэ, ону таһынан оскуолаларга үөрэх программаларын уонна учебниктарын, саха тылын маҥнайгы букубаарын бэлэмнээбитэ. Бу букубаар уончата бэчээттэнэн тахсыбыта.

1936-1941 сс. — Саха издательствотын Москватааҕы отделениетын редактора.

1941-1943 сс. — Кыһыл Аармыйаҕа Москва уобалаһын Пушкинскай оройуонун военкоматынан 1941 сыл сэтинньитигэр ыҥырыллыбыт. 1942 сыл муус устар — балаҕын ыйдарыгар Арҕаа фроҥҥа сэриилэспит. Младшай лейтенант. Пулемет взводун хамандыырынан Москваны көмүскэспит. 1942 сыл балаҕан ыйыгар ыараханнык бааһырбыт. Кыһыл Сулус уордьанынан (30.05.1951), «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941-1945 сс.»мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

1943-1944 сс. — Учууталлар таһымнарын үрдэтэр институтун научнай үлэһитэ.

1944-1947 сс. — Москва университетыгар фольклористика идэҕэ аспирантураҕа үөрэммит.

1947-1954 сс. — Тыл, литература уонна история институтугар научнай үлэһит.

1954 сылтан Москваҕа А. М. Горькай аатынан Аан Дойду литературатын институтугар научнай үлэһит.

1956 сыллаахха кандидат диссертациятын көмүскээбит. Темата «Идеи и образы олонхо Д. М. Говорова „Мүлдьү Бөҕө»». Кэлин диссертациятын ситэрэн «Якутский героический эпос — олонхо. Основные образы диэн ааттаан «Наука» издательствоҕа туспа кинигэ таһааттарбыта. Саха фольклористарыттан аан маҥнай наукаҕа суолу аспыта.

1979 сыл сэтинньи 24 күнүгэр Москваҕа өлбүтэ. Уҥуоҕа Дьокуускайга Маҕан кылабыыһатыгар баар.

От admin