ОЛОҔУН    КЭРЧИКТЭРЭ

  • 1899 с кулун тутар ый 27 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгэр  Чулууда алааска төрөөбүтэ;
  • Аҕата Миитэрэй  Ыстапаанабыс Дьөгүөрэп политссыылынай Лев Григорьевич Левентальга үөрэнэн ааҕар, суруйар буолбут;
  • 1908 – 1912 сс. Баайаҕаҕа Маслов аатынан оскуолаҕа үөрэммитэ. Бу үөрэнэ барарыгар  урукку улуус кулубата  П.Д.  Заболоцкай көмөлөспүт;
  • 1912 с. Турантаев  Иван Семенович – Аадырыс көмөтүнэн Дьокуускай куоракка  2 кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ,эрээри  үп-харчы тиийбэтинэн ситэ үөрэммэккэ Аверинскай атыыһыкка үлэлээбитэ;
  • 1916-1920 сс. Дьокуускайдааҕы  учуутал  семинариятыгар үөрэммитэ. Бастаан Баайаҕа оскуолатыгар учуутал быһыытынан анаммыта ;
  • 1921 —  1927 сс. Танда оскуолатыгар учууталынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Ахтыыларыгар Танда дьонуттан-сэргэтиттэн ойуччу тутан Василий Георгиевич Андросовы, Гаврил Васильевич Егоровы-Хабырылла Дьөгүөрэби уонна Иван Андреевич Готовцевы ахтар;
  •  1928-1931 сс. Иркутскайдааҕы Государственнай укниверситетка үөрэммит. Ол сыл  Илин Сибиирдээҕи Государственнай Университекка  аналитическай химия кафедратыгар аспирантураҕа киирбит;
  • 1933-0934 сс. Дьокуускайдааҕы геологическай разведкалыыр Трест химическэй лабораториятыгар  уонна  педтехникумҥа учууталынан үлэлиир;
  • 1934 сыллаахха Абалаах бадараанын чинчийиинэн дьарыктанар. Онон Абалаахха  курорт аһыллыытыгар олук уурсубута;
  • 1935-1949 сс. Дьокуускайдааҕы педагогическай институтка преподавателинэн үлэлээбит, химия лабораториятыгар сэбиэдиссэйдээбит;
  • 1938 с. Москватааҕы Государственнай университетка химическэй наука кандидатын учуонай степенин көмүскээбитэ;
  • 1938 сыллаахха Саха педагогическэй институутун иһинэн айылҕа факультета (естественный факультет) арыллыбыта. Бастакы декаан эдэр учуонай химик Алексей Егоров буолбута.
  • Егоров Алексей Дмитриевич — химия наукатын хандьыдаата, биологическай наука доктора, Саха сиригэр биолого-химическэй оскуоланы төрүттээбит киһи, РСФСР уонна Саха АССР наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ.

От admin