Биһиги, СӨ наукаларын үтүөлээх детелэ, К.Д. Ушинскай, Н.К. Крупскайа, А.С. Макаренко ааттарынан педагогическай мэтээллэр толору кавалердара, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Алтай Ленискэй комсомолун бириэмийэтин лауреата, Уус-Алдан улууһун, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, РФ суруйааччыларын союһун чилиэнэ, поэт-сатирик, педагогическай наука доктора, профессор Виктор Федорович Афанасьев-Алданскай олоҕун, үлэтин сырдатар аналлаахпыт.
Виктор Федорович Республика оскуолаларын историятын дириҥник билиигэ-көрүүгэ, үөрэтиигэ, үөрэтэр-иитэр хайысхатын салгыы тупсарыыга көмөлөһөр сыалы-соругу туруорунан 1966 с. “Саха сиригэр оскуола уонна педагогическай өй-санаа сайдыыта” диэн теманы иҥэн-тоҥон чинчийэн докторскай диссертацияны ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кини Россияҕа норуот педагогикатын туһунан теорияны олохтооччулартан биирдэстэрэ. 1979 с. “Сибиир уонна Дальнай Восток олохтоох норуоттарын этнопедагогиката” диэн чинчийиитэ итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ.
В.Ф. Афанасьев педагогическай наука доктора, университет профессорын элбэх өрүттээх үлэтин таһынан Виктор Алданскай диэн псевдонимынан поэт-сатирик быһыытынан киэҥ ааҕааччыларга биллэр.
1952 с. Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствотыгар “Дьоллоох оҕолорго” оҕолорго аналлаах хоһооннорун хомуурунньук-кинигэтэ, 1959 с. “Сахам сирэ барахсан” диэн кинигэтигэр оҕолорго, төрөөбүт дойду туһунан хоһоонноро, олох итэҕэстэрин сытыы тылынан этэр үгэ-хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ. 1961 с. Москва куоракка Оҕо литературатын государственнай издательствотыгар “Полярный день” нуучча тылынан оҕолорго аналлаах хоһооннорун хомуурунньуга тахсар. 1968 с. “Күҥҥэ түспүт күлүктэр”, 1972 с. “Ис эриэнэ”, 1978 с. “Эҕэлээх этиилэр, тыҥырахтаах тыллар” үгэлэрин, сатирическай хоһооннорун хомуурунньуктара бэчээттэнэн тахсыбыттара.
1966 с. “Щетина Деда Мороза”, 1973 с. “За счет зимы”, 1983 с. “Мерзлота, да не та” Москва куоракка “Правда” издательствотыгар Николай Глазков тылбааһынан “Крокодил”журнал библиотекатыгар бэчээттэммиттэрэ. Бүтүн Советскай Союз киэҥ ааҕааччыларыгар хас биирдиитэ 75 тыһ. тирааһынан тарҕаммыта.