Фашисткай Германия  1941 сыллаахха Москва аннынааҕы кыргыһыыга хотторон баран,  Сталинград хайысхатынан киирэргэ былааннаммыта.

Ол курдук  фашисткай главнокомандования  бу эппиэттээх сорудаҕы толорорго,  оччолорго 6-армияны салайа сылдьар генерал Ф. Паулюска сүктэрбитэ.  Өстөөх оччолорго төһө даҕаны Москва анныгар хоттордор, балайда даҕаны күүстээх этэ,ол курдук  Сталинград туһаайыытынан балтараа мөлүйүөннээх армияны муспута, бэрт элбэх танка, самолет, самоходнай орудиялар мунньуллубуттара, кинилэр былааннарынан  соҕуруу Кавкаһы уонна оччолорго Бакуга хостонор нефть хостонор сирин  былдьааһын этэ.  

Верховнай главнокомандующай И.В. Сталин,  уонна Ставка былаанынан аан бастаан оборонаны күүскэ оҥостон баран, хардары  контрнаступления оҥорорго быһаарыммыттара.  

Фроҥҥа балаһыанньа кытаанаҕынан от ыйын 28 күнүгэр 1942 сыллаахха Сталин аатырбыт №227- нүөмэрдээх  бирикээһэ тахсыбыта “Ни шагу назад” диэн. Бу кыргыһыыга икки өртуттэн икки мөлүйүөнтэн тахса киһи сэриилэспитэ биллэр, аан дойду историятыгар  бэрт сэдэх көстүү диэн сыаналыахха сеп.

 Дьэ маннык ыарахан балаһыанньаҕа биһиги ыраах сытар Сахабыт сириттэн сылдьар байыастар туора турбатахтара.

Ол курдук аҥардас Уус-Алдан улууһуттан быһа холоон  70-тан тахса киһи Сталинградскай кыргыһыыга кыттан турар.  

Биир бастакынан, бу кыргыһыыга Түүлээх нэһилиэгиттэн төрүттээх, үс сэрии кыттыылааҕа кадровай офицер Оллонов Дмитрий Данилович  активнай кыттыыны ылбыта биллэр.  Кини мотострелковай  батальона уочараттаах атаакалааһыҥҥа түбэһэн бэрт элбэх сүтүктэммитэ, аҥардас кини бэйэтин танкатынан биир артиллерияны, икки блиндаһы, икки минометы, түөрт пулеметы, 65 саллааты суох оҥорбута. 

Бу уоттаах сэриигэ кини икки ыйы быһа сэриилэспитэ, бүтэһигэр кини танкатын уматаннар, ыараханнык бааһыран, уонна контузия ылан госпитальга эмтэнэн тахсан баран салгыы сэриилэспитэ. 

Гвардия капитана Дмитрий Оллонов Сталинградскай кыргыһыыга  «Кыһыл Сулус” орденынан наҕараадаланан турар. 

Биһиги биир дойдулаахпыт Танда нэһилиэгиттэн төрүттээх Кривошапкин Онуфрий Ильич сэрии саҕаланаатын кытта бастакы хомуурга түбэһэн сэриигэ аттаммыта. Ол курдук  байыаннай үөрэҕи Иркутскай куоракка Мальта станцияҕа зенитнай артиллерияҕа үөрэммитэ.

Ол курдук кини бастакы бойобуой сүрэхтэниитин Москва аннынааҕы кыргыһыыга кыттыбыта биллэр.

Ол кэнниттэн 1942 сыллаахха 21-армия 888-с  стрелковай полкатын састаабыгар сылдьан  Сталинградтааҕы кыргыһыыга сылдьыбыта.

Кини бу сэриигэ рота командирын политчааска солбуйааччынан сылдьыбыта, ротатын хас да төгүл атаакаҕа киирэригэр бэйэтин көҕүлээн илдьэ сылдьыбыта, бу кыргыһыыга хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин “Кыһыл Сулус» орденынан наҕараадаламмыта. 

Аатырбыт немец фельдмаршала  Паулюс билиэҥҥэ түбэспитин илэ хараҕынан көрбүтэ.  Ити курдук Европаны барытын босхолоон Берлиҥҥа тиийэ сэриилэспитэ. Кини дойдутугар  1946 сыллаахха гвардия старшай лейтенана званиялаах төннүбүтэ.

Биһиги биир дойдулаахпыт Дүпсүн сириттэн төрүттээх Сивцев Михаил Евстафьевич, быйыл 100 сааһын туоларынан сибээстээн ахтан ааһарбыт биһиги ытык иэспит буолар. Кини сэриигэ 1942 сыллаахха колхуоска биригэдьиирдии сылдьан барбыта. Кини кылгас байыаннай бэлэмнэниигэ сылдьан баран Сталинградтааҕы кыргыһыыга кыттыбыта.

 Кини бэйэтин ахтыытыгар суруйбутунан, өстөөх позициятыгар атаакаҕа киирэн  ыстыыгынан киирсиигэ тус бэйэтэ икки фриц тыыныгар турбута.

 Дьэ ити курдук Уус-Алдантан төрүттээх байыастар ытык иэстэрин дойдуларын иннигэр чиэстээхтик толорбуттара.

Биһиги көлүөнэ  дьоно,  ааспыт сэриигэ кыттыбыт биир дойдулаахтарбытын үйэтитэр иэстээхпит.           

От admin