1826 сыллаахха бэс ыйыгар Дьокуускайга бастакы пароходунан Саха уобалаһын саҥа начальнига Н.И.Мягков кэлбитэ. Бу кэмтэн саха норуотун олоҕор-дьаһаҕар, кини олоҕун укулаатыгар дириҥ суолу-ииһи хаалларбыт эпоха, кэрчик кэм саҕаламмыта. Мягков ананыыта М.М.Сперанскай “Туспа урдустары дьаһайар Устаабын” кытары ыкса сибээстээх этэ. Саха сиригэр ыытыллар административнай реформалар Россия империятын илиҥҥи кыраныыссаларын бөҕөргөтүүгэ аналлаах буолан уратылардаах этэ. Камчаткаҕа, Охотскайга уонна да атын пограничнай пууннарга тиийэ нуучча хаһаактарын этэрээттэрэ, ас-үөл, сэриилэрин сэбэ-сэбиргэлэ, нуучча православнай итэҕэлин тарҕатар араас мал-сал барыта сайыннары-кыһыннары саха аттарыгар ындыыланан бараллара, онтон сүүһүнэн саха эр дьоно суолга-иискэ солбуллубат сирдьит быһыытынан күһэллэн сылдьалларар. Таһаҕастааһын сахаларга кыһайан туран босхону үрдүнэн, биир биэрэстэҕэ биир кэпиэйкэҕэ турара да, сорох сылларга ол да төлөммөккө уобалас салайааччыларын сиэптэригэр түһэрэ. Таһаҕастааһыҥҥа барбыт уонунан тыһыынча сылгыттан уон гыммыттан биирэ төннөрө. Мантан сылтаан саха олоҕо олус ыараабыта, ат көлө ахсаана аччаабыта, таһаҕастааһын үлэтэ сылтан сыл аайы мөлтөөн тохтоон хаалар буолбута. 1825 сылы быһа Иркутскай уонна С-Петербург салалтата саха уобалаһыгар кырдьан хаалбыт Ачкасов оннугар саҥа губернаторы көрдөөбүттэрэ. Саҥа реформалары өйүүр, саҥалыы көрүүлээх киһи наада буолбута, өссө 1820 сыллаахха ММСперанскай: “Саха уобалаһыгар кытаанах, моряк киһи наада, тоҕо диэтэххэ кини Охотскай кыраайга көмөнү оҥоруохтаах”, — диэбитэ… 1825 сыл ахсынньы 27 күнүгэр император дьаһалынан Николай Иванович Мягков Саха уобалаһыгар начальнигынан анаммыта уонна тохсунньу 10 к. 1826 сыллаахха Николай 1 приемҥа ыҥырыллыбыта. Саҥа начальник империя илиҥҥи түгэх сирдэрин баһылааһыҥҥа, онно таһаҕаһы таһыы дьаһалларын толорууга быһа сорудаҕы ылбыта. Мягков Н.И. 1782 сыллаахха Псков губерниятыгар дворян төрүттээх ыалга күн сирин көрбүтэ.1795 сыллаахха Муоратааҕы кадет корпуһугар үөрэнэ киирбитэ уонна 1801 с-ха бүтэрэн, Балтия флотугар мичманынан анаммыта.1803 сылтан Адмиралтействоҕа аһы-үөлү тиэйэр отдел начальнигынан үлэлээбит, 1812 с.Наполеоны утары сэрии кэмигэр аһынан-үөлүнэн хааччыйыыны кэмигэр сөптөөхтүк дьаһайбытын иһин Сибэтиэй Владимир орденынан наҕараадаламмыта. Кини характеристикатыгар “…всегда отличался нравственными качествами и просвещением, и познаниями…”- диэн суруйбуттар. Онон Дьокуускайга бары өттүнэн бэлэмнээх, таһаҕастааһын үлэтин ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик билэр уонна саҥалыы таһымҥа таһаарыахтаах специалист анаммыта диэн суруллар. Сибиир комитетын председателэ декабрист Батеньков Г.С. 43 саастаах реформалары олоххо киллэрэр кыахтаах НИМягкову бары кандидаттартан талан ылан начальнигынан анаабыта. Мягков декабристары кытары өссө Петербурга билсибитэ, оттон бырааттыы Константин уонна Флорентий Булатовтары кытары Иркутскайга, Пестель П.И.кытары (Сибиир генерал-губернатора И.Б.Пестель уола) биир дойдулааҕа буолан билсэрэ, оттон М.И.Муравьев-Апостолга Бүлүүгэ сыылкаҕа аттанарыгар английскай ат ыҥыырынан хааччыйбыта, декабрист А.А.Бестужев-Марлинскайга Афанасий Уваровскайдыын ыһыах тэрийбиттэрэ. Мягков Н.И., Иркутскайга кэлээт, Ф.П.Булатовы уонна А.Я.Уваровскайы оһуобай сорудахтаах чиновниктарынан анаабыта.Кинилэр Дьокуускайга кэлээт,тута саха баһылыктарынаан И.Е.Мигалкинныын, Н.О.Рыкуновтыын Саха уокуругар уустар уонна туспа урдустар салаллан олорор сокуоннарын оҥорбуттара. Саҥа начальник бастакы суолталаах соругунан сахаларга Степной Думаны тэрийии буолбута. 1827 сыллаахха кулун тутар 11 күнүгэр Саха Степной Думата — сахалар бастакы бэйэни салайыныы органнара тэриллибитэ. Саха олоҕор биллэр-көстөр бастакы хамсааһыннар саҕаламмыттара, ол курдук, Ст.Дума нөҥүө Чуумпу акыйаан биэрэгэр таһаҕастааһыҥҥа сахаларга кредит бэриллэр буолбута, бэйэ икки ардыгар атыы көрүҥэ көҥүллэнэн, сахаларга атыыһыттар баар буолбуттара, илиигэ харчы эргийэн барбыта, Дьокуускайга атыы-тутуу дьиэтэ, түһэр-хонор анал сирдэрэ тутуллубуттара. 1829 сыллаахха Мягков Булатовтыын Бороҕон, Боотур улуустарын, салгыы Бүлүү эҥэри кэрийэн нэһилиэнньэни кытары көрсүбүттэрэ. Уобалас начальнига сири туһаныыга саҥа ньыманы-кылааһынай системаны олоххо сыыйа киллэрэргэ тута ылсыбыта.Сири туһаныыны дьаһаах төлөөччүлэр, сахалар бэйэлэрэ быһааралларыгар дьаһайбыта. Бу барыта Сперанскай М.М. Устаабыгар сөп түбэһэрэ. Мягков Ст.Дума баһылыга Мигалкин И.Е. кураанах сытар сирдэри баһылыыр бырайыактарын өйөөн, Бүлүүнэн, Өймөкөөнүнэн Охотскайга тиийэ сахалары олохтооһуну тэрийбитэ. Ол гынан баран, Мягков Н.И. уруккулуу олоруон баҕалаах чиновниктар араҥаларын күүстээх утарсыыларын көрсүбүтэ, кини аатыгар доностар Иркутскайга, С-Петербурга тиийэ суруллубуттара. Онно начальник көскө ыытыллыбыт декабристары уонна олохтоох сахалар баһылыктарын кытары ыкса сибээһэ улахан буруйдааһын быһыытынан киирбиттэрэ. Иркутскайтан бэрэбиэркэлиир комиссиялар кэлитэлээбиттэрэ. 1831 с. Илин сибиир комиссията уобалас начальнига сахалар Ст.Думаларыгар көмө, өйөбүл оҥороро бобуллар диэн быһаарбыта. Ахсынньы ыйга 1831 сыл Мягков НИ дуоһунаһыттан босхолонон Петербурга барбыта.Кини ууратыллыбытын кэннэ сүүһүнэн илии баттааһыннаах көрдөһүү-сурук Сибиир комитетыгар киирбитэ.Сурукка Мягков салайбыт кэмэ сахаларга дьол, сайдыы кэминэн буолбуттарын этэн туран, дуоһунаһыгар төннөрөргө көрдөһүүлэр бааллара. Хомойуох иһин, кини кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. Россия императорын дьаһалын уонна Сперанскай сайдыыга көҥүлгэ тиэрдэр реформаларын олоххо киллэрэ сатаабыт, сахалар олохторун илэ көрөн аһыммыт, көмөлөһө сатаабыт, кэрэ дууһалаах, улахан үөрэхтээх МягковНИ араас моһоллортон сылтаан олоҕун сыалын ситиспэтэҕэ. Онон сахалар, син биир атын Сибиир омуктарын курдук,өссө да көҥүлү сырдыгы аҕалыахтаах кэмнэри өр кэтэспиттэрэ.
play youtube,
play youtube,
Brazzer,
xhamster,
xvideos,
hentai,
porn,
tiktok download,
MP3 download,
Download Mp3,
,
Panthers Georgia,
sex mex,
mp3play,