Саха сирэ – быдан дьыллартан илдьэ кэлбит киэҥ уонна баай култууралаах. Оччоттон-баччаҕа дылы олору көрдөрөр уонна сырдатар соҕотох дьиэбит – түмэл (музей) буолар. Түмэл – науканы, үөрэхтээһини, култуураны ситимниир духуобунай баай киинэ. Түмэл – история, култуура хаамыытын кэрэһэлиир малы-салы хомуйар, үөрэтэр, харайар уонна көрдөрөр соруктаах, эбии үөрэтэр-сырдатар уонна билиини тарҕатар аналлаах.
Хаһан баҕарар киһи олоҕо, дьылҕата олорор кэмиттэн тутулуктанар. Ааспыт улугуруу кэмигэр үгүс дьон-сэргэ духуобунай билиини-көрүүнү аахайбат, сыаналаабат буолуулара элбээннэр, духуобунай баайбыт, историябыт кэрэһиттэрин биирдиилээн эрэ энтузиастар быыһаан, харааннан аҕалбыттара.
Билиҥҥи кэмҥэ, түмэл судаарыстыбаттан өйөбүл ылан, үлэтэ-хамнаһа сыаналанар буолуоҕуттан дьон өйө-санаата уһуктан, кэрэҕэ тардыһыылара күүһүрэн, ааспыт кэмҥэ ытыктабыл үөскээн, биһиги үлэһиттэр өссө саҥа хайысхалары, көрүҥнэри тобулан, оҕоҕо-улахан дьоҥҥо аттаран үлэлиири мэлдьи көрдүүбүт уонна сатанарынан киллэрэбит.
Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус кыраайын уонна историятын үөрэтэр түмэлин, Кулантай аатынан уран тыл түмэлин үлэһиттэрэ буоламмыт кулун тутар 1-3 күннэригэр Куорунай, Бүлүү, Үөһэ Бүлүү, Ньурба улуустары кэрийэн, түмэллэригэр сылдьан саха чулуу дьоннорун, улуу суруйааччыларын биһиктэрэ ыйаммыт түөлбэлэригэр үктэнэн, оҕо саастарыгар сүүрбүт-көппүт ыллыктарынан хааман, төрүттэрин, удьуордарын, олохторун бэлиэ кэрдиистэрин биир дойдулаахтарыттан истэн, туттубут малларын, үлэлээбит остуолларын, олорбут олоппосторун чуо көрөн астына, дуоһуйа сырыттыбыт.
Сүрүн сорукпутунан, Ньурба куоратыгар историческай наука кандидата, философскай наука дуоктара, профессор К.Д. Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын аныгылыы тыыннаммыт таас дьиэтигэр, саҥа хайысханы, сонун көрүҥнэри олоххо киллэрэн үлэлии-хамныы турар түмэлигэр (сал. А.А. Туманова) сылдьан, илэ харахпытынан көрөн, эт кулгаахпытынан истэн, элбэххэ үөрэнии, сүбэ-ама ылыы, санаа атастаһыы уонна Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Үөһэ Бүлүү Харбалааҕар Саха сирин сэбиэскэй, судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-бэлитиичиэскэй диэйэтэл, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Саха Автономиятын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ И.Н. Барахов судаарыстыбаннас түмэлигэр (сал. С.Д. Копыленко); Бүлүү Кыадандатыгар бөдөҥ сэбиэскэй партийнай, судаарыстыбаннай диэйэтэл, Якутскай ССКП обкуомун бастакы сэкирэтээрэ Г.И. Чиряев түмэлигэр (сал. М.С. Томскай) сылдьыыбыт этэ. Ону сэргэ, Аан дойдутааҕы суруйааччылар күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, Үөһэ Бүлүү Харбалааҕар саха норуотун суруйааччыта Н.Г. Золотарев-Николай Якутскай түмэлигэр (сал. С.Д. Копыленко), Бүлүү Сыдыбылыгар саха норуотун суруйааччыта И.М. Гоголев-Кындыл түмэлигэр (Чочу нэһилиэгин баһылыга П.А. Догоюсов), Куорунай Мытааҕар саха норуотун бэйээттэрэ ини-бии Семен, Софрон Даниловтар уонна ССРС норуодунай худуоһунньуга А.Н. Осипов түмэл-галереяҕа (сал. А.Н. Егоров, Мытаах нэһилиэгин баһылыга И.Е. Петров), быйыл “Манчаары оонньууларын” Саха Сирин норуоттарын спартакиадатын тэрийээри олорор Куорунай улууһун Бэрдьигэстээҕэр кыраайы үөрэтэр түмэлигэр (сал. Е.А. Винтоняк) сылдьыыбыт үгүһү биэрдэ, санаабытын ситэрдэ.
Ханна да киирдэххэ, дойдулаахтар өттүлэриттэн биһиги улууспутун кытта ситимниир ытыктыыр дьоннорун, Ньурбалар Сэргэй Борогонскайбытын, Куорунайдар Мытаах сэлиэнньэтин кииннээн дьону көһөрөн олохтообут Петр Петрович Бурнашевпутун, Бүлүүлэр Күлүмнүүрбүт кэлэ сылдьыбытын туһунан сүдүтүтэн кэпсииллэриттэн, Сэһэн Ардьакыаппытын улуутутан, кини ыраахтааҕыга сырыытын сөҕө-махтайа, олоҕун сиһилии ыйыталларыттан улууспут дириҥ историятынан, сүдү дьоннорунан киэн туттан, “бүк” үрдээтибит уонна ураты тыыннаах баай түмэллэрбит киэҥ эйгэни хабан үлэлиирбитин бигэргэнэн, сыанабыл охсон кэллибит.
Бу үс күннээх, түөрт Бүлүү бөлөх улуустарын устун айаны-сырыыны көҕүлээн, сэттэ биллэр-көстөр үлэлээх түмэллэри көрдөрбүт салайааччыбытыгар Дь.М. Заболоцкайга, ону өйөөн, күүс-көмө буолбут улууспут Аҕа баһылыгар А.В. Федотовка, улуус култууратын салайааччытыгар И.И. Аммосовка барҕа махтайар тыллары тиэрдэбит.
Екатерина Свинобоева

От