Сэтинньи 24 күнүгэр улууспут тумэлигэр Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылларыгар анаммыт «ҮЛЭ — ОЛОХ ТӨРДӨ» быыстапка үөрүүлээх быҺыыга-майгыга арылынна.

🔸 Быыстапка советскай-партийнай үлэҺит Федоров Евстафий Федорович уонна кини олоҕун аргыҺа, эргиэн үлэҺитэ Ильина Анна Павловна дьоҺун олохторун, үлэ үөҺүгэр сылдьыбыт кэмнэрин сырдатар. Быыстапканы кыыстара, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара Евдокия Ефстафьевна сырдатта. Аймахтара, кэлбит ыалдьыттар ахтыы тылларын эттилэр. Ол курдук, тыыл бэтэрээнэ, ытыктыыр киҺибит Фомина Мария Егоровна, Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1 нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Алексей Мигалкин уонна оскуола музейын салайааччыта Елена Сыроватская истиҥник ахтан-санаан аастылар, эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Дүпсүн улууҺун Тэбиик нэҺилиэгиттэн төрүттээх Евстафий Федорович Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэн, онтон салгыы Иркутскайдааҕы партийнай оскуоланы бүтэрэн баран Уус Алдан райкомун II секретарынан үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр суруналыыс. Оройуон историятын туҺунан үгүс ыстатыйалара «Ленинскэй тэрийээччи», «Кыым» хаҺыаттарга бэчээттэнэн тахсыбыта.

Анна Павловна II Өспөх нэҺилиэгиттэн төрүттээх. 1945 сыллаахха Дүпсүннээҕи сельпо бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан «За трудовое отличие» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кини оройуоннааҕы үлэҺиттэр депутаттарын сэбиэтин депутата, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин VIII сессиятын кыттыылааҕа этэ.
ҮлэҺит үтүөтэ дьон Евстафий Федорович уонна Анна Павловна сырдык олохторун кэпсиир дириҥ ис хоҺоонноох быыстапканы кэлэн көрүҥ диэн ыҥырабыт.

От bmiuadmin

Добавить комментарий

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.