Социалистическай реализмы төрүттээччи нуучча уонна аан дойду литератураларын классига А.М. Горькай 1934 с., Советскай Союз суруйааччыларын I съеһин трибунатыттан элбэх омук литератураларын маастардарыгар «бэйэ-бэйэҕит айымньыларгытын тылбаастаһыҥ» диэн ыҥырбыт. Кини норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүүгэ, национальнай литературалары, бэйэ-бэйэлэригэр үтүө сабыдыаллаһыннаран, байытыһыннаран сайыннарыыга тылбаас уһулуччу суолтатын бэлиэтээн эппит.
Нуучча тылыттан сахалыы тылбаас ордук Улуу Октябрьскай социалистическай революция бастакы күннэриттэн сайдан барбыт. «Варшавянка», «Интернационал», «Эр санааны санаталаан», «Тахсыбыт сардаҥаҕа, о.д.а. ырыалар сахалыы тылбаастанан, сахалыы саҥаран барбыттар.
1920-с сылларыгар саха тылбаасчыттарынан И. Крылов, А. Пушкин, Н. Гоголь, М. Лермонтов, Л. Толстой, М. Горькай, А. Фадеев уо.д.а. нуучча суруйааччыларын айымньылара сахалыы саҥарбыттар.
Саха сиригэр талааннаах тылбаасчыттарыттан биирдэстэринэн Г.С. ТАРСКАЙЫ ааҕаллар.
Григорий Семенович ордук күүһүн-уоҕун, үлэтин-сыратын Максим Горькай өлбөөрбөт суруйууларын, айымньыларын тылбаастааһыҥҥа анаабыт. М. Горькай отуттан тахса айымньыта Григорий Тарскай тылбааһынан бэчээттэнэн саха ааҕааччыларыгар тиийбит.
Кинини, доҕотторо, билэр дьонноро «саха Горькайа» диэн ааттаабыттар.
Г.С. Тарскай тылбааһынан сахалыы саҥарбыт Максим Горькай кинигэлэрэ биһиги түмэлбит пуондатыгар харалла сытар биир күндү экспонаттарбыт буолаллар.