Ленинград оборонатын кыттыылааҕа Николай Данилович 1912 с. Кылаайыга Арҕаа Төбөҕө төрөөбүтэ. Түүлээх оскуолатын төрдүс кылааһын бүтэрбитэ. Хонууга үлэлээбитэ. 1942 с бэс ыйын 27 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. Хотугулуу-Арҕааҥҥы Волховскай туһаайыытынан 2-с ударнай армия састаабыгар Ленинградскай фроҥҥа 1942 сыл алтынньы бүтүүтүттэн 1944 сыл тохсунньу 26 күнүгэр диэри Ленинграды босхолооһуҥҥа сэриилэспитэ. Новгород туһаайыытынан өстөөххө охсуу оҥоһуллубута.
Николай Данилович Кёнингсбери босхолоспута.
«Ленинграды көмүскээһин иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэринэн, Албан Аат III степеннээх, Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденнарынан наҕараадаламмыта. «Уус Алданнар — Аҕа дойду көмүскэлигэр» кинигэттэн. Биһиги музейбытыгар Николай Данилович наҕараадалара, анкетата харалла сыталлар.

От admin