Эн хаһан бу ааты соһуйа,сонурҕуу истибиккиний? Ол түгэҥҥэ историяҕа умнуллубут ааттар баалларыттан буруйа суох эрээри кыбыстыбыт, абарбыт,сүөм түһэн ылбыт буолуохтааххын. Киһи аймах «историятын кыладабыайыгар» төһөлөөх элбэх үтүө дьыаланы оҥорбут, «хара норуоттара хаалар күнүгэр халыҥ хахха,солбонуйар күнүгэр суон дугда» буолбут дьон ааттарын анаан-минээн да,ааххайымтыата суохпутуттан да умнууга хаалларыы оҥоһулла, тахса турарый? Саҥа үүнэр көлүөнэ кинилэр ааттарын тыал тыаһын курдук истэн эрэ кээспэттэрин туһугар тугу гыныахтаахпытый?
Күлүмнүүр диэн күүстээх ааты аан бастаан истибит кэмҥэр эйигин итинник санаалар үүйэ-хаайа туппут буолуохтаахтар.
Никифоров Василий Васильевич — Күлүмнүүр оҥорбут,саҕалаабыт дьыалатын барытын кэпсээнэ олус киэҥ. Кэлин сылларга үгүстүк сырдатылынна. Биһиги бүгүн эһиги болҕомтоҕутун Танда музейын фондатыгар баар докумуоннарга туһаайдыбыт.