Россия журналистарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, улууспут түмэлин директора П.В. Пермяков — Тэлэкэ «Борогонские якуты» кинигэтин сүрэхтэниитэ сэтинньи 21 күнүгэр улуус киин библиотекатыгар буолан ааста. Кинигэ “Паблисити” издателсьтвотыгар 550 тираһынан тахсыбыт, алта бастан, 103 сирэйтэн турар. “Борогонские якуты” кинигэҕэ ааптар улууспут былыргы сахалара XIX үйэҕэ дылы олорон ааспыт суолларын ырытан, бэйэтин көрүүтүн суруйбут. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар улууспут баһылыга Василий Иванович Аммосов, историческай наука кандидата, гуманитарнай чинчийии институтун старшай научнай сотруднига Пантелеймон Пантелеймонович Петров, Дьокуускайдааҕы Ем. Ярославскай аатынан түмэл директорын солбуйааччыта Александр Михайлович Ховров, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, кыраайы үөрэтээччи Николай Николаевич Аржаков — Боло Уус, историческай наука кандидата Афанасий Алексеевич Николаев уонна культуролог, фольклорист Саргылана Борисовна Николаева – Тубсаана. Кэлбит ыалдьыттар кинигэ тула кэпсэтэн, санаа атастаһан, суруйааччы кинигэтигэр илии баттатан астынан тарҕастылар. Бу кинигэ инникитин кэнчээри ыччат ааҕарыгар туһуланна. Маннык ис хоһооннох кинигэлэр кыраайы үөрэтиигэ улахан суолталаахтар, үйэлээхтэр.

Сэтинньи 21 күнүгэр Бороҕоҥҥо култуура киинигэр П.В.Пермяков – Тэлэкэ «Борогонские якуты» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кини уһун кэмҥэ Саха НКИХ үлэлиэҕиттэн Монголиянан, Орто Азианан, Турциянан сылдьан «Ыраах-чугас аймахтарбыт» биэриилэригэр билбитин олохтоох матырыйааллары кытта аттаран дьоһун кинигэни таһаарбыт. Тэлэкэни кытта 2018 сылтан, «Күн дьоно» фольклор бөлөҕүн салайааччыта Евдокия Павлова көҕүлээһиннэринэн, «Манчаары тойуктаах ыллыктара» бырайыак толкуйдаан, үлэлээн, киинэ оҥорон күөх экраҥҥа таһаарбыппыт. Бырайыак быһыытынан Манчаары сылдьыбыт сирдэринэн Г.Попов хомуйан таһаарбыт кинигэтиттэн тойуктарын толорон устубуппут. Ити бырайыакка үлэлээбитим түмүгэр саҥа урут биллибэтэх түгэннэри киллэрэн «Манчаары мөккүөрдэрэ» диэн кинигэ суруйбутум уонна киинэ оҥорбутум. Наука кандидата П.Петров тыл этиитигэр Манчаары чөмчөкөтүн уонна П.Бекетов, И.Галкин туппут остуруоктарын туһунан ахтан аһарбыта. Олорго бэйэм санаабын бу курдук эттим. Манчаарыны көрдөөн О.Ионова уонна И.Константинов атын дьон уҥуохтарын хаспыттарын дакаастаатым. Архив докумуоннарынан Манчаары Малдьаҕарга сыылкаҕа олорор кэмигэр толору тиистээҕэ ыйыллар. Онтон Г.Эргис О.Ионова хаспыт киһитин чөмчөкөтүн хаартыскатыттан аҕыйах одоҥ-додоҥ тиистээх гына уруһуйдаабыт. Аны И.Константинов хаспыт киһитин чөмчөкөтүн фотограба И.Анисимов сирэйин аҥара суох киһи чөмчөкөтүн хаартыскаҕа түһэрбит. Мантан көстөрүнэн кинилэр иккиэн Манчаары уҥуоҕун буолбакка икки атын-атын киһи уҥуоҕун хаспыт буолан тахсаллар. П.Бекетов туппут остуруогун өрүс суурайан иппит диэн буолар. Ол гынан хаһаахтар остуруогу хайдах сиргэ туталларын үөрэтэн көрдөххө кинилэр өрүскэ түһэр үрэх төрдүгэр сүүрүгэ суох хомоҕо туталлар. Холобур Орто Бүлүүгэ -Түүкээн, Аллараа Бүлүүгэ — Таҥара, Уус Бүлүүгэ — Лунха уо.да.а. Оччотугар тутуу, оттук маһын уунан уунан уһуннаран аҕаллахха көлө үлэтэ аҕыйыыр. Оннук сиринэн П.Бекетов остуруога тутуллубут буолуон сөптөөх диэн сабаҕалыыр Атыыр Тириитэ арыы Хатас протокатын утары баар Асхан диэн үрдүк кырдал буолуон сөп. И.Галкин туппут остуруога Суола үрэх түһэр төрдүгэр кэлин Усть-Сольскай таҥара дьиэтэ турбут кырдала буолуо диэн сабаҕалыыбын. Тэлэкэҕэ «Мүрүйээдэ», «Борогонские якуты» кинигэлэрин утары «Омоҕой омоонунан» диэн саҥа кинигэбин бэлэх ууннум. Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга кыттыыны ылбыта Тэлэкэ үлэлэригэр олоҕуран улуус бэйэтин Бороҕон улууһа диэн аатын сөргүтэригэр олук ууруо диэн түмүктүүбүн. Бүтэһигэр «Күн дьонун» аатыттан кылы саҕан төрүт дорҕоонунан эҕэрдэ тириэртим уонна кыраайы үөрэтээччилэргэ история наука буоларын быһыытынан былыргыны бүгүҥҥү хараҕынан көрүү сыыһатын бу курдук быһаардым. Эн бүгүҥҥү хараҕынан көрбүккүн эдэр көлүөнэ сарсыҥҥы хараҕынан кэлэн көрдөҕүнэ үлэн туһатыттан тахсан история свалкатыгар тахсар.

Николай Николаевич Аржаков — Боло Уус, кыраайы үөрэтээччи, Нуучча географическай сойууһун, Россия, Саха Республикатын журналистарын сойууһун чилиэнэ, СР норуотун маастара.

От admin