🏛21 ноября состоялось открытие выставки “Деятельность, посвященная музею» к 125-летию И.Д. Новгородова этнографа, краеведа, заместителя директора Якутского краеведческого музея, заслуженного работника культуры РСФСР и ЯАССР. На выставке представлены фотографии, этнографические и краеведческие записи, протоколы археологических раскопок и фрагмент бересты летнего жилища ураса (найденный в м. Эбэлээх Усть-Алданского района) из фондов Якутского музея. На открытии присутствовали старший научный сотрудник ИГИ Петров Пантелеймон Пантелеймонович, заместитель директора Якутского музея им. Ем. Ярославского Ховров Александр Михайлович, кандидат исторических наук Николаев Афанасий Алексеевич, культуролог, фольклорист Николаева Саргылана Борисовна.
Выставка, посвященная видному музейному деятелю, этнографу, краеведу, заслуженному работнику культуры ЯАССР и РСФСР Ивану Дмитриевичу Новгородову будет работать до 21 декабря 2024 г.

Бороҕон кыраайы үөрэтэр музейыгар археолог, этнограф И.Д. Новгородов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах выставка-тэрээһин буолла. Музей дириэктэрэ П.В. Пермяков бу үбүлүөйү көрсө сайын Түүлээх нэһилиэгэр үлэлээбит «Өбүгэбит суолларынан» экспедиция туһунан сырдатта. Тыл этиибэр И.Д. Новгородов, Сэһэн Боло буоланнар 1939 сылга Чурапчыга археологическай экспедиция тэрийэннэр биллэр баайдар, ойууннар уҥуохтарын куттаммакка хаһаннар сахабыт норуотун материальнай култууратын байыппыттара. Өбүгэлэрбит үгүс биллибэт историята сахабыт сирин ахсаана биллибэт алаастарыгар сытар. Ону үөрэтэргэ эдэр кыраайы үөрэтээччилэргэ үлэ муҥура суох диэтим. Кыраайы үөрэтиини төрөөбүт алааспыттан Биттикиттэн саҕалаабытым уонна кэккэ арыйыылары оҥорбутум. В. Короленко, Сэһэн Боло суруйууларын кытта архив докумуоннарын ситимнээн манна хаһаахтар 1634 с. остуруок туппуттарын В.Короленко уруһуйун булан дакаастаабытым. Остуруок турбут сириттэн саха боотурдарын тойонун руна суруктаах биһилэҕин булбутум. Саха боотурун куйаҕын булан А.Саввин үлэтиттэн «дьапталҕа куйах» диэн ааттааҕын быһаарбытым. В.Короленко суруйбут болугурдар өрө турууларыгар хаххаламмыт бөҕөргөтүнүүлэрин оннун булан онтон баһылык кинээстэрин хайа охсуллубут тамга биһилэхтэрин , дьоннордуун уматыллыбыт балаҕан оннуттан ууллубут алтан иһит тооромоһун, былыргы тимир уһаарбыт болгуоларын булаттаабытым. Бу булумньулар барыта Биттики алаас былыр Боотурускай улуус киинин курдук суолталана сылдьыбытын дакаастыыллар диэн түмүктээтим.

Николай Николаевич Аржаков — Боло Уус, кыраайы үөрэтээччи, Нуучча географическай сойууһун, Россия, Саха Республикатын журналистарын сойууһун чилиэнэ, СР норуотун маастара.

От admin