Сэтинньи 14 күнүгэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин “Аҕа алгыһынан, ийэ иэйиитинэн” бырайыагын иһинэн ыытыллар “Уол оҕо — Аҕа эрэлэ” диэн тэрээһиҥҥэ улууспут түмэлэ Байанай ыйыгар аналлаах быыстапканан кыттыста. Экскурсовод Александр Петрович Сивцев киин иитиллээччилэригэр, төрөппүттэригэр уонна үлэһиттэригэр сахалар бултка, балыкка туттар тэриллэрин, сиэрин-туомун сырдатта. Норуот маастара, ох саанан ытыыга улуус, республика призера Семен Семенович Петров ох саа оҥоруутугар бэйэтин ньыматын билиһиннэрдэ. Түмүгэр бары саҥаны билэн, дуоһуйан тарҕастылар.