• Аҕата Дионисий Евстафьевич 1884 с. Дүпсүн улууһугар лөчүөк кэргэнигэр төрөөбүт. Уус Алдан таҥараларын дьиэлэригэр сулууспалаабыт.
  • Ийэтэ Сусанна Петровна Нифонтова 1889 с. урукку Байаҕантай улууһугар Баайаҕаҕа эмиэ лөчүөк дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Епархиальнай училищены бүтэрэн учууталлаабыт.
  • 1919-27 сс. Лонгиновтар Тандаҕа олорбуттар. Кинилэр 8 төрөппүт уонна биир иитэр оҕолоохторо: Алексей, Ольга, Валентина, Владимир, Василий,Геннадий, Иулита, Клавдия, Алексей сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, сураҕа суох сүппүт.
  • 1919 с. балаҕан ыйын 2 күнүгэр Володя Тандаҕа төрөөбүтэ, оҕо сааһа Тандаҕа ааспыта.
  • 1927-28 сс. Володя Бээрийэ оскуолатын маҥнайгы кылааһыгар үөрэммитэ.
  • 1928-29 сс. Түүлээххэ олорбуттара.
  • 1929 с. сайыныгар Дүпсүҥҥэ көспүттэрэ. Оскуоланы Дьокуускайга үөрэнэн бүтэрбитэ.
  • 1939 с. бухгалтер үөрэҕин бүтэрэн Томпо оройуонугар госстрах инспекциятыгар 1,5 сыл үлэлээбитэ.
  • 1941 с. атырдьах ыйыгар Дьокуускай военкоматынан фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Кини Краснознаменнай, Суворов уонна Богдан Хмельницкай орденнардаах 206-с стрелковай дивизия, Кутузов орденнаах Плоштенскай 722-с полкатыгар сулууспалаабыта.
  • 1943 с. балаҕан ыйын 15 күнүн түүнүгэр старшайт лейтенант Савченко I ротатын састаабыгар маҥнайгынан Днепр өрүһү туорааһыны саҕалаабыта. I батальон хорсуннук кимэн киирэн, кини кэнниттэн полк атын сэриилэрэ Днепри туорааһыннарыгар кыаҕы биэрбитэ. Плацдарм иһин хорсуннук сэриилэспит старшай сержант Владимир Денисович Лонгиновка Советскай Союз Геройун аата иҥэриллибитэ.
  • 1943 с. сэтинньи 18 күнүгэр В.Д. Лонгинов Украинаны босхолуур иһин кыргыһыыга хорсуннук сэриилэһэ сылдьан Черкасскай уобалас Каневскай оройуонун Пшеничники дэриэбинэ анныгар геройдуу охтубута. Кини көмүс уҥуоҕа Пшеничники дэриэбинэҕэ хараллыбыта.

От